Якутские буквы:

Русский → Якутский

вздорный

прил. разг. 1. (нелепый) мээнэ, онно суох; вздорный слух онно суох сурах; 2. (сварливый) иирээннээх, этиһиик; вздорный человек иирээннээх киһи.


Еще переводы:

салыкынай

салыкынай (Якутский → Якутский)

I
дьүһ. туохт. Туохха барытыгар солуута суох тиэтэйсаарай, салҕаластаа. ☉ Быть излишне суетливым
Сатыырап салыкынайан тиийэн кэллэ: «Дьэ, үөлээннээҕим Иван Николаевич, балай да суруйа түс эрэ, собо да сиэбэтэх ыраатта». В. Ойуурускай
Салалтаҕа эрэ Салыкынайар Илин-кэлин сирэйи «Ииннээтэр» баар ини. А. Бродников
△ Ыгылыйан салҕалаа. ☉ Делать что-л. в спешке, суетливыми движениями
Уол, ыксаабыт курдук салыкынайан, …… былансыатыттан болокунуотун ойутан таһаарда. К. Симонов (тылб.)
II
даҕ., кэпс. Салыкынайыыттан тахсар, солуута суох. ☉ Несерьёзный, суетливый, вздорный
Наадата суохтар манна Өрүкүнэй тыллар, Сатамматтар төрүт манна Салыкынай саҥалар. М. Ефимов

лахсыыр

лахсыыр (Якутский → Якутский)

  1. аат., кэпс. Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох. ☉ Бессодержательная долгая речь, пустые слова
    Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах. Амма Ач чыгыйа. [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар-1956. Маас са лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахай бат буолла. В. Ленин (тылб.)
    △ Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. ☉ Бессмыслица, вздор, болтовня
    Аҕам оҕонньор: «Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал», — диэтэ. Ф. Софронов
    «Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!» — Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ. В. Яковлев
    Ээ, устурууксуйа диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй? Тумарча
  2. даҕ. суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох. ☉ В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр., о речи); любящий много говорить, болтливый
    Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи.  Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб.)
    ♦ Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. — элбэх саҥа, күүгээн. ☉ Шумный разговор, гомон
    «Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!» — дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар. Д. Апросимов. Кус-хаас лахсыыра кэпс. — туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. ☉ Долгая невра зумительная речь (или разговор).
    ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’