болтун || болтливый || болтовня.
Якутский → Русский
лахсыыр
Якутский → Якутский
лахсыыр
- аат., кэпс. Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох. ☉ Бессодержательная долгая речь, пустые слова
Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах. Амма Ач чыгыйа. [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар-1956. Маас са лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахай бат буолла. В. Ленин (тылб.)
△ Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. ☉ Бессмыслица, вздор, болтовня
Аҕам оҕонньор: «Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал», — диэтэ. Ф. Софронов
«Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!» — Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ. В. Яковлев
Ээ, устурууксуйа диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй? Тумарча - даҕ. суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох. ☉ В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр., о речи); любящий много говорить, болтливый
Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи. Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб.)
♦ Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. — элбэх саҥа, күүгээн. ☉ Шумный разговор, гомон
«Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!» — дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар. Д. Апросимов. Кус-хаас лахсыыра кэпс. — туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. ☉ Долгая невра зумительная речь (или разговор).
ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’
Еще переводы: