I
1. даҕ.
1. Киһи саллар, куттанар, ынырыктаах. ☉ Страшный, ужасный
Үс хонук туолуутугар Омоҕой эмээхсинигэр этэр: «Күтүөппүт түүллүүн-биттиин сүрдээх киһи быһыылаах, онон биһиги бардахпытына сөп буолсу», — диэбит. Н. Неустроев
Үс түүннээх күнү мэлдьи сүрдээх тыасуус буолла, туох да өй мэйдээх тулуйбат тыаһа буолла. Ньургун Боотур
2. Сиэргэ баппат, хобдох (хол., дьыала). ☉ Возмутительный, вопиющий (напр., о факте)
Тиһэх …… хаалыы диэн сүрдээх дьыала буолбат дуо?! Тиэмпэбит намыһах, кэбиһии аҕыйах. С. Руфов
2. сыһ. суолт. Олус, наһаа. ☉ Необычайно, чрезвычайно
Байбааскы кини диэки тоҕо эрэ сүрдээх үчүгэйдик, аһыммыт дуу, таптаабыт дуу курдук көрдө ээ. П. Ойуунускай
II
бэрт II диэн курдук
Таһырдьа ичигэһэ сүрдээх. Софр. Данилов
Дойдубуттан ырааҕым сүрдээх. Г. Колесов
Аҕам үөрбүтэ сүрдээх. «ХС»