сыһ. Астына, дуоһуйа (хол., кэпсэт, аһаа, үлэлээ, ырыт). ☉ Всласть, вдоволь (наговориться, поесть, поработать и т. п.)
Маладьыастарыҥ атыҥырыы көрсүбэтилэр, ытыс үөһэ түһэрэн күндүлээтилэр-маанылаатылар, ирэ-хоро хаадьылаһан, иллэҥ кэммин биллэрбэккэ аһардым. Р. Баҕатаайыскай
Мин үс сылы быһа кыыһы кытта биирдэ да ирэ-хоро кэпсэппэккэ, сүрдээҕин туоххаһыйан иһэрим. Г. Колесов
Бачча үлэлээн, тоҥон-хатан баран, дьиэҕэ киирэн, ирэ-хоро аһаан бар. ПДИ КК
Бастаан манна үлэҕэ киирэригэр уһанар дьиэтэ бэрт аҕыйах сэптээх-сэбиргэллээх этэ. Онон санаа хоту ирэ-хоро үлэлииригэр кыах суох. «Кыым»