даҕ.
1. Туох эмэ үрдүгэр эбэтэр үрүт өттүгэр баар. ☉ Находящийся наверху, верхний
Үөһээ этээс диэкиттэн кэпсэтэр саҥа, көхтөөх күлсүү, муусука тыаһа бары холбоһон биир ньиргиэр буолан дуораһыйаллар. Н. Лугинов
Үөһээ куула тыаттан кэҕэ этэн чоргуйар. «ХС»
2. Былаас өттүнэн үрдүкү турар, үөһээҥҥи. ☉ Вышестоящий
[Маня:] Хайыамый, бу үөһээ тэрилтэҕэ барар кумааҕы, онон хайаатар да хос бэчээттээтэхпинэ табыллар. С. Ефремов
Туох да быһаарыныыны ылбакка, үөһээ былаастар тугу дииллэрин кэтэһэн таах олоруу буолла. «ХС»
◊ Үөһээ дойду көр дойду
Кинилэр бу алаас сыһыыга түһэн үҥкүүлүү сырыттахтарына, үөһээ дойдуттан ииппит Иэйэхсит хотун түспүт. Саха фольк. Үөһээ дойдуга, үс халлаан үрдүгэр, үрүт таас олбохтоох Үрүҥ Айыы тойон инитэ Дьэллик Дьэһэгэй тойон кыргыттара, сэттэ кыыс, орто дойдуга сэттэ кыталык буолан киирэн көрүлээбиттэр. Саха нар. ыр. I
Үөһээ дойдуттан тоҕус бииһин ууһа тоҕуоруйбут, орто дойдуттан уон ордуга икки бииһин ууһа мунньустубут. Саха нар. ыр.