аат., бот. Оттоох күлүк сирдэргэ биэс уон-сүүс сэнтимиэтир үрдүктээх гына үүнэр, аһа (сиэмэтэ) сиппит кэмигэр киһи таарыйдар эрэ, тыс гына түһээт, сиэмэлэрин тарҕаччы ыспытынан хайа ыстанар биир сыллаах, эмтээх от үүнээйи. ☉ Недотрога (бальзамин)
Таарыйыма урут бүөргэ, хабахха таас үөскээһинигэр, тас бааска уонна геморройга туттуллара. МАА ССЭҮү
Олбуордар, ханаабалар күлүктэригэр таарыйыма диэн ааттаах дьиибэ үүнээйи түбэһээччи. КВА Б