Якутские буквы:

Русский → Якутский

глянец

м. лаах, дуй, килбэчигэс (килбэчиҥ-ниир дьүһүн); навести глянец кил бэт, килбэчигэс дьүһүннээ.


Еще переводы:

полировка

полировка (Русский → Якутский)

ж. 1. (действие) килэритии, кы-лааккайдааһын; 2. (глянец) лаах.

килэҥ

килэҥ (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Хаара суох, килэркэй, халтархай (хол., муус, суол). Без снежного покрова, гладкий, скользкий (напр., лед, дорога)
    Килэҥ мууһу ортотунан киирэн, Таал-Таал эмээхсин сүүрэн кэдэйиктэнэр. Суорун Омоллоон
    Оҕонньор килэҥ суолга самыытын уҥуоҕун үлтү түспүтэ. С. Никифоров
    Ыттар муора килэҥ мууһугар сыарҕаларын чэпчэкитик соһон, субуллаҥнаһан истилэр. П. Филиппов
  3. Туох да ото-маһа суох, халтаҥ. Без какой-л. растительности, голый
    Килэҥ сиргэ балаакка тартыбыт. — Аҥаардас килэҥ тааска таба тугу булан аһыай. С. Никифоров
  4. аат суолт.
  5. Туох эмэ кылааккай ньуура. Гладкая поверхность чего-л., глянец
    Мин бу тыллары …… Сэргэлээх чуумпу нуурал уулаах күөлүн сиэркилэ килэҥин көрө олороммун суруйабын. Эллэй
    Хайата кэрэний: сир ийэ Эбэтэр бу халлаан килэҥэ? П. Тобуруокап
    [Мотуорка] тумса …… уу килэҥин хайа тыыран дьурулуур. Л. Попов
  6. Хаара суох халтаҥ муус, ардах-хаар ирэ-ирэ килэччи тоҥмута. Голый лед, гладкая ледяная поверхность, наледь
    Оскуола тэлгэһэтин килэҥэр илиитин булгу түспүт. Амма Аччыгыйа
    Сарайтан …… муус бытырыыстар тоҥ килэҥҥэ түһэн үлтү ыстанан кылыгыраһаллар. Софр. Данилов
    Күөл мууһугар килэҥҥэ Хатыыскалыыр үтүөкэн. П. Дмитриев