Якутские буквы:

Русский → Якутский

глянцевый

прил. килэркэй, килбэчигэс; глянцевая бумага килэркэй кумааҕы.


Еще переводы:

килбэчигэс

килбэчигэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Чаҕылхай, сырдыгы тэйитэр дэхси ньуурдаах. Сверкающий, имеющий блестящую ровную поверхность, глянцевый
Кэлбит кыыс …… моонньугар килбэчигэс моонньохтооҕо. Далан
Остуолга багдайбыт эриэн турбалаах килбэчигэс граммофон турар. Л. Попов
Киһи хара хортууһун умса кэппит, килбэчигэс саппыкылаах. П. Аввакумов. Тэҥн. килбэлдьигэс, килэбэчигэс

килэлдьигэс

килэлдьигэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Килэлдьийэн көстөр. С гладкой, блестящей, лоснящейся поверхностью, глянцевый
Килэлдьигэс куондардаах хортуустаах киһи киирэн кэллэ. Килэлдьигэс тастаах олбуому көрө олордо. — Уһун остоох килэлдьигэс саппыкыта да соччо өлбөөдүйбэтэх. Софр. Данилов

тордоох

тордоох (Якутский → Якутский)

I
даҕ. Уот төлөнүнэн, буруотунан хараардыллыбыт (бэчээт). Закопчённый на пламени, в дыму (напр., о печати)
[Кирииллиннэр] Бу ыал буолбуттарын туоһулуур Дархан өрөпкүөмүн тордоох бэчээттээх кумааҕытын биэрэн туран, Сиэллээх чороонноох кымыһынан айах тутабын. Л. Попов
Кубархай, кир иҥмит. Бледный, грязный
Тордоох ньууру Тоҕута охсуһар …… Чомпо сүллүгэс Манна баар эбит. П. Ойуунускай
II
даҕ. Кытаанах, ньалҕаархай, халыҥ (кумааҕы, хордуоҥка). Твёрдый, глянцевый, толстый (о бумаге, картоне)
Хаҥас өттүгэр үс бастаах өксөкү эмбилиэмэлээх тордоох лиис кумааҕыны тэниччи тутан остуолга бэркэ сэрэнэн уурда. П. Филиппов
Саатар уонтан ордук бэчээтинэй лиистээх кэнники кинигэтэ тордоох хордуоҥканан тастаныах эбит. К. Уткин
Тордоох халыҥ уонна ньалҕаархай кумааҕы сатаан килиэйдэммэт. ПАК КСТК
ср. бур. тортог ‘копоть, нагар’