аат., зоол. Күөхтүҥү көҕөччөр өҥнөөх холуупка маарынныыр көтөр. ☉ Восточно-сибирская горлица
Ханна эрэ ыраах тыаҕа өтөн үөтэн күкүйэр. Р. Кулаковскай
Бүлүү, Бүлүү эбэбин Бүгүн өйдөөн кэллим мин: Кэҕэ этэр, өтөн үөтэр Кэрии, чараҥ сирдэрдээх. Л. Попов
Хайа эрэ өтөн курдук мөтөҕөр түөстээх киһи оптуобус тохтобулугар хаһыат ааҕа турарын көрдө. Р. Баҕатаайыскай
ср. тюрк. өт ‘петь, щебетать’