Якутские буквы:

Русский → Якутский

грунт

м. I. (почва) буор, кырыс, үктэл; песчаный грунт кумах буор; 2. (твёрдое дно) уу түгэҕэ, түгэх буор; пароход сел на грунт борокуот уу түгэҕэр олорон хаалла; 3. (слой краски) грунт, кырыс сотуу (художник уруһуйдуур болотунатын маҥнай кыраасканан сотон фон оҥоруута).

защищенный грунт

сабыылаах буор (арас-сааданы, сибэккини саас эрдэ олордорго аналлаах тутуу, тэпилииссэ, паарынньык о. д. а.)

открытый грунт

аһаоас буор (оҕуруот aһa эбэтэр киэргэл үүнээйилэр сабыыта, хаххата суох үүнэр сирдэрэ, кирээдэлэрэ.)


Еще переводы:

уплотнить

уплотнить (Русский → Якутский)

сов. 1. что (сделать более плотным) чиҥэт; уплотнить грунт буорун чиҥэт; 2. кого-что разг. (заселить плотнее) сыҕай, сы-ҕайсыһыннар, ык; уплотнить квартиры квар-тиралары сыҕай, квартиралаахтары сыҕайсы-һыннар; 3. что (заполнить работой) чиҥэт, тыҥат; уплотнить рабочий день үлэ күнүн чиҥэт.

осадка

осадка (Русский → Якутский)

ж. 1. (сооружения, грунта) сааллыы, түһүү; 2. мор. тимирии, олоруу; небольшая осадка судна судно кыра олоруута.

намыв

намыв (Русский → Якутский)

м. 1. (грунта) уу тибэн мунньуута, уунан типтэрэн мунньуу; 2. (золота) сууйан ылыы (хол. көмүһү); 3. геол. тибиргэл биэрэк.

хара

хара (Якутский → Русский)

  1. 1) чёрный; тёмный; хара өҥ чёрный цвет; хара былыт готовая пролиться туча; хара ыт чёрная собака; хара хаалтыс чёрный галстук; хара ат вороной конь; чох (или көмөр) хара чёрный как уголь; ыас хара чёрный как смоль; хара мэҥ чёрная родинка; 2) перен. чёрный, мрачный, дурной, злой; хара санаа чёрные, мрачные мысли; хара суол а) чёрное дело; б) порок; 2. употр. в нек-рых сочет. в качестве усил. сл.: хара ааныттан (или маҥнайгыттан) с самого начала; хара сарсыардаттан с самого утра; хара төрүөҕүттэн с самого рождения; хара көрсүөҕүттэн с первой встречи; как только увидел; хара сор большое (букв. чёрное) несчастье; хара түөкүн ужасный плут, мошенник; хара накаас тяжкие муки; муки ада; мука мученская; хара балыыр тяжкая клевета # аат харата а) спустя рукава; б) нехотя, неохотно; киһи-хара буол = стать человеком, выйти в люди; хара аан уст. чёрный ход; хара бараан смуглый; хара көлөһүн труд в поте (лица); хара кутуйахсыт самка полевого луня; хара өлүү проказа, лёпра; хара самыыр дождь без примеси снега; хара сар сарыч обыкновенный; хара сир а) чернозём; б) земля, грунт, почва, не покрытые снегом; хара сыыр яр, обрыв, крутой берег; хара торучча семена чёрной торицы; хара туруйа чёрный журавль; хара тыа а) дремучий лес; б) лиственничный лес; хара тыыммын харыстаа фольк. защити бедную душу мою; хара улар глухарь-самец; хара уу буол = промокнуть до ниточки; промокнуть насквозь; хара уунан олор = остаться без пищи на одной только воде; хара үлэ а) физическая работа; б) чёрная работа; в) черновая работа; үлэм харатын бүтэрдим вчерне я работу закончил (напр. над повестью, рассказом); харах харата зрачок; хара хаас новоземельский гуменник (вид гуся); хара чөкчөҥө щегол.
буор

буор (Якутский → Русский)

1) земля; глина || земляной; глиняный; глинистый; ийэ буор а) место, где человек родился, родина; б) нижний слой грунта; хара буор чернозём; туой буор глина; буор хайа земляная гора, горка; буор иһит глиняная посуда; 2) пыль (земляная); манна буору көтүтүмэ не пыли здесь # буор босхо а) бесплатно; б) совсем дёшево, за бесценок; буор иһээччи беспробудный пьяница; буор маҥалай бран. ненасытная утроба, обжора (букв. глиняное брюхо); буор сирэй бран. бесстыжая (букв. земляная) морда; киһи буора могила.

сир

сир (Якутский → Русский)

I 1) земля, земной шар || земной; Сир Күнү тула эргийэр Земля вращается вокруг Солнца; Сир аргыһа спутник Земли; сир-сибиир уст. земля, земной шар; күн сирэ подсолнечный мир; земля людей; күн сирэ көҥүл , айыы сирэ аһаҕас погов. подсолнечный мир обширен, земля создателя открыта (иди, куда хочешьвезде дело найдёшь); 2) земля, почва, грунт; суша || почвенный, грунтовой, земляной, земельный; сир кырса дёрн; сиринэн соһуллар (или оттуур ) до пят, до земли (о длинной одежде); сири хорутуу вспашка земли; сир ийэ мать-земля, земля-кормилица; сир симэҕэ полевой| цветок; сир көстүбэт , тула уу земли не?: видно, кругом вода; сиргэ олор = садиться на землю; 3) земля, территория; колхоз сирэ колхозная земля; 4) место, местность, край; бу сири билэбин эту местность я знаю; бу сиргэ урут сылдьыбытыҥ дуо ? ты бывал раньше в этих краях?; 5) место, пункт; хонук сир место ночёвки; үүтү тутар сир пункт приёма молока; 6) разг. пол; оҕолор сиргэ оонньууллар дети играют на полу; 7) диал. охотничье угодье (закреплённое за каждым охотником-промысловиком); сиргэ таҕыс = отправляться в (своё) охотничье угодье # барар-кэлэр сир суох некуда деваться; күннүк сир расстояние, покрываемое за день; өһүргэниэх сир баппатаҕын нашёл, на что обижаться; сир аайы баар а) везде и всюду есть, имеется; везде и всюду найдётся кто-что-л.; б) посредственный, заурядный; сир аайы суох редкий, редкостный, незаурядный; сир аннынан скрытно, тайно, тайком; сир аһа а) что-л. съедобное (дикорастущее); б) диал. картофель; овощи; сир быта (человек), осведомлённый во всём; сиргэ киирэр диал. ящерица; сиргэ силлиир он ругается, возмущается (разочаровавшись, обманувшись в ком-л.); сиргэ түспүт сэрэбиэй судьба, рок; предопределение; сиринэн-халлаанынан андаҕай = клясться нёбом и землёй (отпираясь от чего-л. или доказывая что-л.); сир кыыла диал. медведь; сир ортото половина пути, середина пути; сир ортотун кэллибит мы прошли половину пути; сир саарбах нечто неопределённое: ни то ни сё; сир суох разг. а) неуместно; ни к месту; б) без основания; манна өһүргэниэххэ сир суох тут нет основания для обиды, тут не на что обижаться; сир түннүгэ умный; философски мыслящий; сиртэн көстүбэккэ сылдьан от стола два вершка (а туда же); сиртэн халлааҥҥа диэри (или тиийэ ) в высшей степени (делать что-л.; букв. от земли до нёба); сиртэн халлааҥҥа диэри махтан = приносить глубокую искреннюю благодарность; сиртэн хостонор баайдар полезные ископаемые; сир уһуга край земли (обычно говорится о непроходимых, бездорожных местах); сир сирэйдээ = позорить, опозорить кого-л.; сир-халлаан икки ардыгар на произвол судьбы, между нёбом и землёй; сир-халлаан икки ардыгар хаал = остаться между нёбом и землёй (т. е. без пристанища, без определённых занятий, вообще в неопределённом положении); сир ыла тур = а) хоть немного сократить расстояние (к-рое предстоит преодолеть); б) предпринять хоть что-л., чтобы выиграть (или добиться чего-л.); үлэ элбэх , бүгүҥҥүттэн сир ыла туруохха работы (предстоит) много, надо хоть что-нибудь сделать уже сегодня.
II : сир гын = момент.-однокр. пронестись, промчаться с шумом; ср. сирк: сирк гын =.