даҕ.
1. Ол-бу салаата эҥинэ суох, аҥаардас бэйэтинэн эрэ сылдьар. ☉ Лишённый веток, листьев, голый
Тииттэр умнастара сулугур, мутуга суох сулугур этилэр. Далан
Саас эрдэ [хонуу боруутун] силиргэҕиттэн …… салаата суох сулугур умнастар үүнэн тахсаллар. МАА ССКОЭҮү
Сэбирдэҕэ суох сулугур лабаалар куоппаһырыыны мэһэйдээбэттэр. КВА Б
2. көсп. Чороҥ соҕотох. ☉ Одинокий, сиротливый
Тумат диэн …… дьикти бөһүөлэк — сулугур дьиэлэр, тула туохтара да суох, тиэргэн, хаһаа, ампаар диэни көрбөккүн. С. Руфов
[Буҕарҕана:] Булан-булан буллаххыт! Дагдаҥныырын аанньа Далай акаарыны! Суодайбытынан эрэ, Сулугур Туруйаны! Суорун Омоллоон
Мин салҕан хааллым, салынным, Соҕотох хааллым, сулугур. «ХС»
3. Оннуга-манныга, эбиитэ-сабыыта суох. ☉ Не имеющий ничего лишнего, сам по себе, голый
Сулугур ыраас истиэнэ куруутун үөл-дьүөл испиэскэнэн эрэ килэччи көрөр. С. Федотов
Бу ыстатыыстыка сулугур эрэ сыыппаралара. ТАЛ БУ
Киниэхэ [былыргы массыынаҕа], билиҥҥи массыына курдук, прибор той суох — кэбиинэтин иһэ суйдаан ылбыттыы, сулугур, сулумах. «ХС»
4. Синньигэс, уһун, көнө уҥуохтаах. ☉ Тонкий, стройный (напр., о фигуре человека)
Сулугур уҥуохтаах, …… Сытыы сындыыс дьон, Сырсан сылыбыраһан, Сыаналаах көрү таһаардылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Икки тутуһан турар Сулугур сотобут силиитэ Уу курдук Унньулуйа сылайыахтаах этэ. Д. Говоров
[Лизалаах Лена] эдэр эрдэҕинээҕи умнуллубакка олорон хаалбыт мөссүөннэрин бу сулугур, синньигэс, үрдүк кыргыттарга тэҥнии тутта. Далан
5
кылыгыр III диэн курдук. Олоро түһэн үкчү дьиэтигэр курдук буһарар, сулугур, туох да эбиитэ суох миини истэ. А. Сыромятникова
«Сибилигин эһигини чэйинэн күндүлүөхпүт, — диэбитэ кини. — Биллэн турар, сулугур уунан, чэйбит суох». «ХС»