аат. 2400 кыбадыраатынай саһааҥҥа эбэтэр 1,09 га тэҥнээх сир урукку мээрэйэ. ☉ Десятина (старая русская мера площади - 2400 квадратных саженей, или 1,09 га)
Дэһээтинэ сир. Ити биир күүлэй күн түөрт уонча охсооччу отучча дэһээтинэ өлгөм үүнүүлээх сири охсубуттара үһү. Саха сэһ. II
Дьөгүөрдээн иккиһин тахсан «Киэлимэ» күөлүн оннугар ордор сэттэ дэһээтинэ сири аҥарга оттоон биэриэх буолан киирдэ. Амма Аччыгыйа
Тыһыынча аҥара дэһээтинэ үтүө сири, киһи саас тухары хоруппат да, ыспат да гына тууһаан кэбиспит. М. Шолохов (тылб.)