тыаһы үт. туохт. Чаастатык биир тэҥ тибигирээн, тибийэн эрэр курдук тыаһаа (ат туйаҕын тыаһын туһунан). ☉ Производить равномерный частый дробный стук, дробно стучать (о стуке копыт лошади)
Бу курдук олордохпутуна Таатта диэкиттэн Миитэрэй Чоҥоотоп айаннатан дибдигирэтэн кэлэн, атын күлүккэ баайан кэбистэ. Р. Кулаковскай
[Өлөксөй Сүөдэр атыыһыттыын] Ахсым атынан дибдигирэтэн Арҕаа суолунан бардылар, Ойууру быыһынан элэҥнэтэн, Олох көстүбэт буоллулар. С. Васильев
Якутский → Якутский
дибдигирэт
Якутский → Русский
дибдигирэт=
побуд. от дибдигирээ = производить дробный стук, дробно стучать; муостаны дибдигирэт= стучать по полу.
Еще переводы:
элэҥ-сэлэҥ (Якутский → Якутский)
- сыһ.
- Убаҕастык, хойуута суохтук, сэдэхтик. ☉ Негусто, нечасто, редко, кое-где (расти — о деревьях). Ол таастар быыстарыгар элэҥ-сэлэҥ түүрэ тартаран үүммүт аҕыйах мас баара, ыраахтан, хойуу оттон нэһиилэ быгаллар. «Саха с.»
- Онон-манан, сорох сиринэн, онноманна. ☉ Изредка, порой, кое-где, местами (просматриваться, показываться, мелькать — о ком-чём-л.)
Суолларын уҥа өттүнэн муора хомото арыт бэркэ мэндээрэн көстө-көстө, мастар хаххалаан, сороҕор хайалар күлүктээн, элэҥсэлэҥ көҕөрүмтүйэн ааһыталаата. Н. Якутскай
Чэпчэки, бэйэм иэхпит тууппунан мастар быыстарынан элэҥсэлэҥ тэбэн истим. Т. Сметанин
Бөһүөлэк көнө уулуссатын чугастааҕы дьиэлэрин элэктэриичэстибэ уота элэҥсэлэҥ сырдатара. Н. Заболоцкай - Дэҥҥэ, биирдэ эмэ, хам-хаадьаа. ☉ Иногда, изредка, временами
Элэҥсэлэҥ Этиҥнэр эппиттэр, Ибил-дьибил Самыырдар түспүттэр. Д. Говоров
Элэҥ-сэлэҥ кыыдамнаат, Хаар түһэрэ уурайда. И. Эртюков
Дьоннор элэҥ-сэлэҥ күлсэн иһэннэр, им-дьим бардылар. М. Доҕордуурап
[Арыы тыаҕа] Элэҥсэлэҥ кыыл табалар көстөн ааһаллар. И. Данилов - Онон-манан, быһа тардан. ☉ Отрывочно, несвязно, эпизодически, урывками (помнить, вспоминать о чём-л.)
Мин тугу эрэ итиннэ маарынныыры, ханнык эрэ күһүҥҥү быһылааны, катеры элэҥсэлэҥ өйдүүр курдукпун да, субу баар диэн чуолкайдык санаан кэлбэтэҕим. Н. Габышев
Онтон да атын көрсүһүүлэрбитин, бу өтөрдөөҕү бириэмэлэр курдук элэҥ-сэлэҥ өйбөр охсуллуталаан ылаттаатым. Багдарыын Сүлбэ - Бииртэн биир салҕанан иһэр курдук, утуу-субуу, субуруччу. ☉ Друг за другом, один за другим
Күннэр, ыйдар элэҥ-сэлэҥ ааһан иһэллэр. Н. Лугинов
Сыарҕаҕа олоро түһэллэрин кытта аттар элэҥ-сэлэҥ түспүтүнэн бардылар. Эрилик Эристиин
Мин дойдубар кэлэн баран, дьону кытта кэпсэтэн, хаһыаттар эргэ нүөмэрдэрин элэҥ-сэлэҥ арыйталаан барбытым. И. Федосеев - даҕ. суолт. Онон-манан баар, убаҕас, сэдэх (хол., үүнээйи, от-мас). ☉ Редкий, негустой, жидкий (напр., о растительности, волосах)
Пётр элэҥ-сэлэҥ бэстэрдээх хагдаҥ солооһуннаах суолунан айаннатан дибдигирэтэн истэ. Софр. Данилов
Ыраах халлаан урсунугар элэҥ-сэлэҥ былыттар уста сылдьаллара. Эрилик Эристиин
Элэҥсэлэҥ уһулута ойон тахсыбыт курдук дулҕалардаах, үүнүүлээх баҕайы элгээн курдук сиргэ Тит күн аайы от охсор. А. Фёдоров
олох (Якутский → Якутский)
I
аат.
1. Дьон төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан сылдьыылара, сылдьар усулуобуйалара. ☉ Жизнь, жизнедеятельность человека. Киһи олоҕо. Олох уларыйыыта. Олох тупсуута
□ Оҕо олоҕо — Биһиги олохпут, Оҕо дьоло — Биһиги дьолбут. Эллэй
2. Дьиэ иһигэр киһи олороругар аналлаах сир эбэтэр анал оҥоһук (хол., олоппос, сыҥаһа орон). ☉ Место или приспособление для сидения внутри дома (напр., нары, табуретки, стулья)
Тойон олоҕор тураах олорор. Өс хоһ. [Бадин:] Дорооболоруҥ, табаарыстар! Чэ, олоххутун булан олоруҥ. С. Ефремов
3. Ыал дьиэ-уот туттан олорор сирэ. ☉ Отдельно стоящий огороженный дом со всеми пристройками, усадьба
Ньукулай оҕонньор кыһыҥҥы олоҕуттан сайыҥҥы олоҕор бараары биэрэккэ турар тыытыгар киирдэ. С. Тарасов
[Уйбаан:] Аҕабыыт харчынан биэрбэтэ диир, биир эрэ оҕуһу биэриэх буолла, онуоха үс олоҕор эбиэнньэ ыллатар, эрэйим да элбэх тахсар диир. А. Софронов
4. Тугу эмэ уурар, туруорар анал оҥоһук. ☉ Подставка, постамент, пьедестал. Чааскы олоҕо. Чаанньык олоҕо. Тэлэбиисэр олоҕо. Пааматынньык олоҕо
5. миф. Ойуун Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга кыырарыгар айанын олуктарыгар тохтоон сынньанан ааһар туспа анал онно (хас айанын аайы оннук тоҕус олохтоох). ☉ По мифологическим представлениям якутов: ступени отдыха шамана, когда он камлает верхним добрым духам айыы или нижним духам абааһы. Таких ступеней бывает девять (и в Верхнем, и в Нижнем мире). Орон аайы иһийдилэр, Ойуун бастакы олоҕор, Олбоҕор, аас тэллэх үрдүгэр, Оҥостон тохтоон олорор. Дьуон Дьаҥылы
♦ Олоҕо алдьанна (олоҕун алдьат- та) — олох сүнньэ сатарыйыыта, тосту уларыйыыта. ☉ Ломать жизнь
Балтыҥ олоҕо алдьанан эрэрэ баар дии улахан иэдээн. Н. Лугинов
[Маня:] Үгүстэр миигин сүөргүлүүллэр быһыылаах. Маннык бэйэлээх тоҕо тыаҕа тахсан бэйэтин олоҕун алдьаттаҕа буолуой диэн. С. Ефремов. Олоҕор (уйатыгар) уу киирдэ — ыксаллаах, кутталлаах балаһыанньаҕа киирдэ. ☉ Попадать в критическое положение
Уйбачаан кулуба олоҕор уу киирэн, Түргэн дьаһалы ылынан, Миигин сойуолаан туттара Сир аайы дьоннору ыыталыыр. А. Бэрияк. Олоҕо суоҕунан көрдө — мээнэнэн, кураанаҕынан көрдө. ☉ Смотреть отсутствующим взглядом. Киирбит киһи олоҕо суоҕунан көрөн турда. Олоҕун аргыһа (доҕоро) — ким эмэ кэргэнэ. ☉ соотв. спутник жизни
Олоҕун аргыһыныын баччааҥҥа диэри эйэ дэмнээхтик олорон кэллилэр. НАГ ЯРФС II. Олоххун биэр — тыыҥҥын харыстаама (туох эмэ туһугар). ☉ Отдать, положить свою жизнь (ради чего-л.)
Ийэ дойдутун иһин олоҕун биэрбитэ. НАГ ЯРФС II. <Олоҕун> тиһэх суолугар атаар калька — өлбүт киһини көмүүгэ сырыт, көмүс. ☉ соотв. провожать в последний путь. Санитарканы көмөлөһүннэрэн, балай хаан-сиин буолбут барахсаны сууйан-тараан, таҥыннаран олоҕун тиһэх суолугар атаарбытым. А. Коптяева (тылб.). Олох долгунугар охсулун (оҕустар) — олоххор араас ыарахаттары көрүс. ☉ Испытывать удары судьбы. Онтон, орто дойду одурууннаах Олоҕун долгунугар охсуллан, Күн сирин күүстээх Күтүр сүүрүгэр күлкүттэрэн… Оҕо бэйэм Оҕонньор буолан олорон, одуулаан көрбүтүм… А. Софронов
Олох долгунугар охсуллубутум иһин, хаһан эрэ мин даҕаны албан ааттанан, суон сурахтанан, хонор хоноһо курдук көстөр, ыар ыалдьыт курдук ытыктанар этим. Болот Боотур. Олох очуругар оҕустарда (тэптэрдэ) — олоххор туох эмэ быстах суолтан тэптэрэн, табыллыма, тэмтэрий. ☉ Терпеть неудачу на жизненном пути
Ол онтон санаата оонньообут аатыран, Ол онтон олоххо тэптэрбит аатыран, Куоракка бас-баттах сырытта, Барыылаах-кэлиилээх баһаары манаата. А. Бэрияк
Ол гынан баран олох очуругар оҕустардаҕа. И. Гоголев. Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа — күүтүллүбэтэх табыллыы, сатаныы; толору ас-үөл; бэһиэлэй олох. ☉ Неожиданная пожива и удача; пир горой; весёлая и расточительная жизнь
Ол түүн дэриэбинэҕэ Омоллоон олоҕун, Дьэргэстэй ыһыаҕын түһэрэн, нөҥүө күн сарсыардатыгар баарсалаах дьон ахсын төбөтө суох куурусса, куулунан хортуоппуй дэлэйбит этэ. И. Никифоров
◊ Олох илгэтэ — ыал бигэ туруга. ☉ Благосостояние, обеспеченная жизнь (семьи)
Ким баҕарар тугу да оҥороругар дьон дириҥ өйүгэр, үтүө үгэһигэр, олоҕун илгэтигэр тирэҕирэр. Н. Якутскай. Олоххо киллэр — тугу эмэ оҥорон-ситэрэн, үлэлиир, туһаныллар турукка тиэрт. ☉ Ввести в эксплуатацию, реализовать, провести в жизнь. Таҥара олоҕо — таҥара долбуура, таҥара күлүгүн туруорар долбуур. ☉ Полка для икон
Тойон таҥара олоҕун диэки көрөн кэбистэ. М. Доҕордуурап. Харах олоҕо — сирэй уҥуоҕар харах олорор оҥхойо. ☉ Глазница
«Ыччат толоос, бардам уонна кырыктаах буолуон, кини хараҕын олоҕуттан дьиикэй кыыл одуулаһыан баҕарабын», — диир кини. Амма Аччыгыйа
Биһиги, саха, ааспыт олохпут, киһи хараҕын олоҕо ыалдьарынан, хараҥа иин түгэҕэ буолбат этээ! Суорун Омоллоон
II
сыһ. Букатын, адьас, төрдүттэн. ☉ Абсолютно, совершенно
Ахсым атынан дибдигирэтэн, Арҕаа суолунан бардылар. Ойуур быыһынан элэҥнэтэн, Олох көстүбэт буоллулар. С. Васильев
Олоҥхо — олох былыр үөскээбит эпос. Эрчимэн