I
добдугураа диэнтэн холб. туһ. Оҕолор барахсаттар …… быдан үйэтээҕиттэн доҕордуу дьон курдук, кэпсэтэн добдугураһан барбыттара. С. Данилов
Кэлбит киһи уонна олохтоох аҕыйах тылы бырахсан добдугурастылар. П. Филиппов
II
даҕ.
1. Биир кэм кубулуппакка доргуччу иһиллэр, түргэн (саҥа туһунан). ☉ Громкий, монотонный (о голосе)
Бу дойду дьонун добдугурас саҥалара - барыта муокас. Н. Габышев
Таһырдьа кэлбит дьон кэпсэтэр добдугурас саҥалара иһиллибитэ. «ХС»
2. Доргуччу «доп-доп» тыаһыыр буола хаппыт эбэтэр тоҥмут (хол., буор суол). ☉ Высохший или замерзший, твердый (напр., о грунтовой дороге)
Биһиги …… добдугурас кураанах сиргэ, Аллан хааһын сииктии үктэтэн, түргэнник хаамтаран лиһигирэппиппит үчүгэйкээнин! Н. Заболоцкай
Якутский → Якутский
добдугурас
Еще переводы: