дьүһ. туохт.
1. Тыалтан биир тэҥ өрүтэ түллүтэлээ, күөгэлдьий (хол., уу ньуурун туһунан). ☉ Равномерно колебаться, волноваться от ветра (напр., о водной поверхности)
Киэҥ муора урсуна бүттүүн хамсыыр, эппэҥнии долгуҥнуур. И. Эртюков
Ол икки ардыгар Улуу Өлүөнэ хотун Ортотунан өрүтэ түллэҥнээтэ, Кытыытынан эппэҥнии долгуҥнаата. С. Васильев
2. Тыалтан биир тэҥ куоҕаҥнаа, эйэҥнээ (хол., бурдуктаах бааһына). ☉ Равномерно качаться, колыхаться от ветра (напр., о ниве, густой траве)
Үрдүк уктаах үтүө бурдук Үрдэ тыалтан долгуҥнуур. Дьуон Дьаҥылы. Эҥкилэ суох дэхси хонуу үрдүнэн киһини сототунан охсуллар хойуу от долгуҥнуу оонньуур П. Филиппов
Талах ойуур лабыкчата Тыалга хамсаан долгуҥнаата. С. Васильев
Якутский → Якутский
долгуҥнаа
Еще переводы: