Якутские буквы:

Якутский → Якутский

доллоор

тыаһы үт. туохт. Киэҥник унаарыччы дуорай, оннук иһилин (хол., куолас, саҥа туһунан). Раздаваться, звучать широко, протяжно (напр., о голосе, речи)
Оҕонньор дьиппиэн куолаһа салгыы доллоорор. И. Оконешников. - Тиҥийэн ааҕан бүтэрдим Тэтэрээппин барытын. Туох өйдөнөн хаалбытын Тобулбакка иэдэйдим, - доллоордо билэр киһибит Долгуурап Мэхээлэбит. Р. Баҕатаайыскай


Еще переводы:

иэдэй

иэдэй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Туохтан эмэ кыһалҕаҕа ыллар, алдьархайга түбэс. Попадать в беду, бедствовать; страдать от чего-л.
Арыгыттан алдьаммыт, испииртэн иэдэйбит (өс хоһ.). Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт (өс хоһ.). Араас куттал барыта Аара суолбар тоһуйбута: Тоҥон өлүөм диэн толлорум, Мунан хаалыам диэн мунчаарарым, Оһоллонуом диэн олулларым, Иһэн иэдэйиэм диэн эрэйдэнэрим. Л. Попов
Өскөтүн кутуйах оҕото аһын хаһаамматаҕа эбитэ буоллар, бука, улаханнык иэдэйиэ этэ. В. Бианки (тылб.).
Буорту буол (тыыммат предмет туһунан). Портиться; пострадать (о чем-л.)
Вася үһүгэр сылдьар. Этэсиэркэттэн кинигэлэри ыһар идэлээх Олох сүгүннүө суох - кинигэ иэдэйииһи. Багдарыын Сүлбэ
Төрүкүтүн бырыыдьэбэрэ Тыабыт иһэ иэдэйдэ. Халтархайа, силбэрэҥэ, Инчэҕэйэ сүрдэннэ. М. Ефимов
2. Доруобуйаҕынан мөлтөө-ахсаа, наһаа хоттор. Страдать каким-л. заболеванием; запускать болезнь
Оҕом Бааска тылын ылынан эмтэммэккэ иэдэйдим. П. Егоров
Дьэкиим, хараҕынан төрүт да улахан мөлтөх киһи, саас букатын иэдэйэн ылар үгэстээх. Н. Заболоцкай
Ол эрээри ити аҕыйах да чаас устатыгар хараҥа тордоххо соҕотоҕун хаалбыт Ньаабал оһоҕостоох кэргэнэ, ити кыа-хаан тохтубут ынырык түбэлтэтин итиэннэ ыарыһах Чирэмэдиэ иэдэйбитин саныы-саныы, сөбүн эрэйдэммитэ. С. Курилов (тылб.)
3. Туохтан эмэ сылбаҥ эһин, буорай (хол., аччыктаан, утатан, илистэн о. д. а.). Изнемогать (от голода, жажды, усталости и т. п.)
Бэркэ илистибит, иэдэйбит дьон дьиэбитигэр тиийбиппит. Далан
Тамаҕа хатан, күөмэйэ кууран, хоргуйан-утатан, букатын иэдэйдэ. А. Сыромятникова
Оттон эн, кырдьык, бар ээ. Ол Уйбааныҥ күүтэн иэдэйдэ быһыылаах. Э. Соколов
Туохтан эрэ моһуогур, муҥу көр. Оказываться в затруднительном положении, столкнуться с трудностями, препятствиями
Табаҕа суох иэдэйдэҕэ буолуо. Амма Аччыгыйа
Мин, үөрэҕэ суох буолан, тугу да билбэппинэн иэдэйбит киһибин. Н. Якутскай
- Тиҥийэн ааҕан бүтэрдим Тэтэрээппин барытын. Туох өйдөнөн хаалбытын Тобулбакка иэдэйдим, - Доллоордо билэр киһибит, Долгуурап Мэхээлэбит. Р. Баҕатаайыскай
4. кэпс. Кимиэхэ-туохха эрэ аралдьый, саймааран хаал; өйгүн-санааҕын сүүйтэр. Отвлекаться от чего-л.; увлекаться кем-чем-л.
Кэпсээннэригэр иэдэйэн, иһиминэ олорбут чэйдэрин иһэн сыпсырыстылар. Амма Аччыгыйа
Баһылай оҕонньор кийиитин бэркэ маанылыырын үрдүнэн, бэйэтэ куһаҕан, чэпчэки дьахтар буолан, атын киһиэхэ иэдэйэн, эриттэн арахсан эрэр дэтэр гына тылламмыт эрэ. А. Софронов
Эмээхситтэр хойуу чэйи иһэн иэдэйдэхтэринэ киэһэ хойукка диэри сэлэһэллэр. Дьүөгэ Ааныстыырап
5. кэпс. Аймана-айдаара, сүпсүгүрэ түс. Забеспокоиться, затревожиться, засуетиться
Ким эрэ: «Атыылаан кэбиһиҥ», - диэн сүбэлээтэ. Петровна дьэ иэдэйдэ: - «Сааспар ытынан эргинэн туһамматаҕым. Мин ытым тириитинэн эн эргинээри гынарыҥ буолуо». Амма Аччыгыйа. Эдэр киһи итини истээт дьэ иэдэйдэ: «Бэйи, ити математическай энциклопедияны миэхэ аҕал. Мин математикпын, миэхэ ордук наадалаах!» «Кыым»