даҕ.
1. Харалталаах, харайыылаах; (үчүгэй) дьаһаллаах, дьаһалталаах. ☉ Домовитый, хороший (хозяин), хозяйственный
Дьаһаллаах талыыта. Көрүүлээх үтүөтэ, Истиилээх бэрдэ, Былыргылыы быһыылаах, Уруккулуу туттунуулаах, Эргэтээҥилии идэлээх. Өксөкүлээх Өлөксөй
2. Олох, уопсастыба сайдыытын туһунан (ханнык эрэ) өйдөбүллээх. ☉ Имеющий определенное представление, собственное мнение о чем-л.
А. Кулаковскайдааҕар буолуох уустук дьылҕалаах, көрүүлээх уонна оннук айымньылардаах …… суруйааччылар нэһилиэстибэлэрэ букатын атыннык, ордук объективнайдык сыаналанар, ааҕыллар, өйдөнүллэр буоллулар. Эрчимэн