Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дугдуруйбахтаа

дугдуруй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кэтириис Сиидэркэни үөттүрэҕинэн сирэйгэ дугдуруйбахтаата. И. Гоголев
Лөкөй сүгэтин күөрэччи тутан салгыны дугдуруйбахтаата. «ХС»
Граф быа кымньыытынан оҕонньор диэки дугдуруйбахтаан ылар. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

дэриэтинньик

дэриэтинньик (Якутский → Якутский)

аат.
1. эргэр. Урукку итэҕэлинэн илэ сылдьар абааһы, киһини сиэччи. Дух умершего, привидение
«Ама, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорор дьахтар - илэ сылдьар дэриэтинньик буолуо дуо?» - диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. Н. Якутскай
Хараанай эмээхсин тиэргэнигэр мэнэрийэн өрө тэбэ сылдьарын илэ көрбүттэр. Күнүстэри илэ сүүрэр дэриэтинньик буолбут. И. Гоголев. Дьаакыбылап ойоҕо Огдооччуйа эмээхсин дьону хара санаатыгар тардан, кинилэр хараҥаларын туһанан, Маайаны илэ сылдьар дэриэтинньик диэн дьиэтигэр хаайан уоттаабыттарын, кэргэнэ Сүөдэр кэлэн өрүһүйэр. «ХС»
2. көсп., үөхс. Куһаҕан быһыылаах, мөкү майгылаах (киһи). Человек со скверным, дурным характером
[Мэхээс оҕонньор:] Мин аньыыбын-харабын элбэтэргэ, мин сорбун-муҥмун үксэтэргэ төрөөбүт илэ дэриэтинньик эбиккин. П. Ойуунускай
Кэтириис үөттүрэҕинэн Сиидэркэни сирэйгэ дугдуруйбахтаата. «Бэйи, тохтоо! Бу туох дэриэтинньик дьахтарай! - Дэриэтинньик диэбит буола-буола. Өллөххүнэ бэйэҥ дэриэтинньик буолуоҥ». И. Гоголев
Бэйи, ити оҕонньоруҥ туора дьоҥҥо хайдах эрэ ньылҕаархай, сайдан курдугун иһин дьиэтигэр дьиҥнээх дэриэтинньик диэтэҕиҥ. «ХС»
русск. диал. еретник 'колдун, нечестивец', сиб. 'дух, тень умершего колдуна'