Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьааһыгыр

туохт. Аллара түһэн, аанньа сылыппат, сырдаппат буолан бар (киирэн эрэр күн уотун этэргэ). Клонясь к закату, терять силу света, тепла (о солнце)
Күн дьааһыгырбытын кэннэ дьиэтин диэки дьэ эргиллибит. Саха ост. I
Киэһэ күн арҕаалаан, дьааһыгыран эрдэҕинэ, Сөдүөт биир киһини атыгар мииннэрэн, сатыы кэллэ. Н. Якутскай
Эһэлэр, киэһэ күн дьааһыгырдар эрэ, хайа сирэйигэр киирэн мэччийэр буолтара. Р. Кулаковскай

Якутский → Русский

дьааһыгыр=

садиться, клониться к закату (о солнце); күн дьааһыгыран барда солнце стало клониться к закату.


Еще переводы:

дьааһыгырыы

дьааһыгырыы (Якутский → Якутский)

дьааһыгыр диэнтэн хай
аата. Кинилэр киэһэ күн дьааһыгырыыта Өҥөр эбэтэ диэн ааттанар улахан күөлгэ матасыыкылынан бирилэтэн кэлбиттэрэ. И. Федосеев
[Эмээхсин] күн дьааһыгырыыта икки нэһилиэк икки ардынааҕы сис тыаҕа кэлбитэ. Р. Кулаковскай
Миитэлээх ол ыалларын оҕолорун кытта оонньоонкөрүлээн, күн дьааһыгырыыта дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. «ХС»

эргистээ

эргистээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Эргилин, хайыс. Поворачиваться, оборачиваться
[Көрүүлэнэ олордохпуна] Эрчимнээх иҥиирдээх Эгэлгэ мэйиилээх Эр бэртэрэ Бэркэ-бэркэ биһиги Эристииннэр диэки Эргичитэн саныыллар, Эргистээн көрөллөр, Элиэтээн ааһаллар эбит ээ. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Мэник Мэнигийээн] күн дьааһыгырбытын кэннэ дьиэтин диэки дьэ эргистээбит. Саха ост. II