Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьабах

разг. мазня; бу уруһуй буолбатах , таах дьабах это не рисунок, а просто мазня.

Якутский → Якутский

дьабах

аат., кэпс.
1. Туох эмэ тугунан эмэ (сыалааҕынан-арыылааҕынан, инчэҕэйинэн) дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. Что-л. заляпанное чем-л. жирным, липким
Бүтүннүү дьабах курдук оҕунуох, бэнсиин сыттаах. Сирэйэ буор, хараҕа эрэ чаҕылыйар. С. Ефремов
Эр киһилиин, дьахтардыын дьабах, бадараан буолан, түүн үөһэ дьиэбитин син буллубут. «ХС»
Чэрэниилэтэ суолга дьалкыйбытын ыраастанар бокуой булбатах быһыылаах, илиилэрэ хара дьабах буолбуттар. С. Курилов (тылб.)
2. Туох эмэ (уруһуй, сурук) туга да биллибэт буола дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. Неумело, грязно выполненная работа (письмо, рисунок), мазня, пачкотня
Бу уруһуй үһү дуо, дьабах буолбат дуо? Докумуон аллараа өттө туга да биллибэт дьабах буолбут этэ. Далан


Еще переводы:

мазня

мазня (Русский → Якутский)

ж. дьабах.

бадьах

бадьах (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Туох эмэ бэрээдэгэ суох буолан көстөрө; марайдаммыта, дьабайдаммыта. Что-л. запачканное, загрязненное; мазня, пачкотня
Халлаан бачымах сулустара ити көннөрү көрдөххө эрэ бадьах курдуктар. «ХС»
Хаһыаппытын бадьах курдук буолуор диэри илдьи кэһэн кээстэр. Итиннэ – көннөрүү, манна – туора сотуу. С. Федотов. Тэҥн. дьабах