ж. дьабах.
Русский → Якутский
мазня
Еще переводы:
дьабах (Якутский → Русский)
разг. мазня; бу уруһуй буолбатах , таах дьабах это не рисунок, а просто мазня.
ньаҕай (Якутский → Русский)
мазня, грязь || грязный; бу ким ньаҕайай ? это чья мазня?; ньаҕай үлэ грязная работа.
бадьах (Якутский → Якутский)
аат., кэпс. Туох эмэ бэрээдэгэ суох буолан көстөрө; марайдаммыта, дьабайдаммыта. ☉ Что-л. запачканное, загрязненное; мазня, пачкотня
Халлаан бачымах сулустара ити көннөрү көрдөххө эрэ бадьах курдуктар. «ХС»
Хаһыаппытын бадьах курдук буолуор диэри илдьи кэһэн кээстэр. Итиннэ – көннөрүү, манна – туора сотуу. С. Федотов. Тэҥн. дьабах
дьабах (Якутский → Якутский)
аат., кэпс.
1. Туох эмэ тугунан эмэ (сыалааҕынан-арыылааҕынан, инчэҕэйинэн) дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. ☉ Что-л. заляпанное чем-л. жирным, липким
Бүтүннүү дьабах курдук оҕунуох, бэнсиин сыттаах. Сирэйэ буор, хараҕа эрэ чаҕылыйар. С. Ефремов
Эр киһилиин, дьахтардыын дьабах, бадараан буолан, түүн үөһэ дьиэбитин син буллубут. «ХС»
Чэрэниилэтэ суолга дьалкыйбытын ыраастанар бокуой булбатах быһыылаах, илиилэрэ хара дьабах буолбуттар. С. Курилов (тылб.)
2. Туох эмэ (уруһуй, сурук) туга да биллибэт буола дэлби биһиллибитэ, марайдаммыта. ☉ Неумело, грязно выполненная работа (письмо, рисунок), мазня, пачкотня
Бу уруһуй үһү дуо, дьабах буолбат дуо? Докумуон аллараа өттө туга да биллибэт дьабах буолбут этэ. Далан
марай (Якутский → Якутский)
I
дьүһ. туохт. Күүрэҥҥин түөскүн мөтөт, кэтит, киппэ түөстээх буолан көһүн (үксүгэр сүүрэн эрэр киһини этэргэ). ☉ Выпячивать грудь при ходьбе, беге
Матаҥныырап кытарыаҕынан кытаран, ырбаахытын нэлэкэйдэнэн баран, аҕылаан-мэҥилээн бу марайан иһэр. В. Протодьяконов
Уонча буолан, ыһыах сэргэлэриттэн ыраах тэйиччи тыа са ҕа тыттан түстүбүт. Хара маҥнайгыт тан бастаан, дьоммун балачча хаал ларан, сүүрэн марайан истим. Н. Заболоцкай. Дьэрээ Дьөгүөр, хараҕын үүтэ көс түбэт гына уолуйан, Кустук Сар гы даайабы утары марайан кэллэ. «ХС»
◊ Марайа түһэн баран — туох баар к ү ү ск ү н эн к эдэ й э т ү һ э н ба р а н (оҕус, т э п). ☉ Широко замахнувшись изо всех сил (ударить, пнуть)
Уол бачча сааһыгар диэри сүрэҕэр сөҥөрдүбүт кыһыытаа бата, өһүөнэ түмүллэн төлө биэрдэ быһыылаах: сымыһаҕын быһа ытыран, марайа түһэн баран [баайы] сырбатан саайда. Софр. Данилов
[Арсен Басыгысов] хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһырбытын испит арыгыта өссө күүһүртэ, олбуор аанын марайа түһэн баран тэптэ. Е. Неймохов
Баһыкка, марайа түһэн баран, [сиэрдийэни] өссө күүскэ үктээтэ. «ХС»
ср. ног. мара ‘стремиться’, эвенк. марив ‘согнуться под тяжестью’
II
аат. Киртитии, хараардыы; суруллубуту үрдүнэн сотон көннөрүү. ☉ Мазня, пачкотня; помарка
Тэтэрээт кирдээх, Итэҕэс лиистээх, Алҕаһа элбэх, Марайа сүрдээх. Е. Васильев
Сурук ка барыта ыраас, ханан даҕаны марай, көннөрүү суох буолуохтаах. «ХС». Тэҥн. ньаҕай