сыһ. Үөһэ-аллара түһэн, өгдөрөҥнөөн. ☉ С подскоком, прискоком
Ходьоҥ-ходьоҥ хаамтаран, Кутал-кутал сиэллэрэн Аттанаммын айгыраан Айаннатан иһэбин. Т. Сметанин
Домна Павловна Тумаҕа үксэ туҥуй, ходьоҥ ойбут баҕайы ынахтары туттартаан кээспитэ. У. Нуолур
◊ Ходьоҥ айыы — ходьоҥ илбис диэн курдук (көр илбис)
Дьалыҥ айыы баҕадьы Татакайынан таарыйда, Ходьоҥ айыы обургу Ходьороҥунан холбосто. Өксөкүлээх Өлөксөй
Уоллаах кыыс барахсаттар, Үс саха төрдүн Үөскэтэргэ айыллыбыт, Түөрт саха төрдүн Төрөтөргө анаммыт Ходьоҥ айыылара холбоммут. Суорун Омоллоон
Ходьоҥ илбис көр илбис. Үс саха төрдүн Үөскэтэргэ ыйыллыбыт, Түөрт саха төрдүн Төрөтөргө анаммыт Хороҥ айыылара холбоммут, Ходьоҥ илбис иҥиэрсийбит. П. Ойуунускай