туохт.
1. Силистэнэнмутуктанан олохтоохтук үүн, үөскээ, тэний; үүнэн-сайдан таҕыс, туругур. ☉ Вырастать, цвести, укоренившись; здравствовать, процветать
Онтон ыла Бэһиэлэйэп аймаҕа эмиэ кэнчээрилээн, байан-тайан сириэдийэн испит. Амма Аччыгыйа
Хас биирдии киһи үйэтигэр, муҥ саатар, биирдии маһы олордоро буоллар, уонунан мөлүйүөн мас сириэдийэ үүнүө этэ. И. Федосеев
Улуу Сайылык арҕаа баһыгар ыал бөҕө сириэдийэн олорбут. Багдарыын Сүлбэ
2. көр сирэлий
1.
Виктор өһөстүҥү харахтара киэһээни быһа эмиэ үөрүү кыымынан сириэдийэ умайаллара. Далан
Чох күлгэ көмүллэ сытан, Үрдэххэ сириэдийэр. Баал Хабырыыс
Онон-манан өссө даҕаны умайан бүппэтэх бэрэбинэлэр сириэдийэ сыталлара. И. Сосин
3. көсп., фольк. Элбэх буолан тоҕуоруй, кэккэлээ (биир тэҥ предметтэр тустарынан). ☉ Быть собранным, сосредоточиваться в одном месте (о большом количестве однородных предметов)
Сиэдэрэй сэп диэн Сириэдийбэтэх сирэ буолла. П. Ойуунускай
Сэттэ сииктээх Сиитик оҥочолоох Манна сириэдийбит, Аҕыс туостаах Дьалыс тыылаах Манна ааҥнаабыт. Күннүк Уурастыырап
Силээн чараҥ быыһыгар Сиэллээх ситии симэхтээх Сири иһит сириэдийдэ. С. Васильев