Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьиппиэһин

аат., эргэр. Туох эмэ үчүгэйдик ыпсарыллыбыт, тигиллибит сиигэ. ☉ Крепкий, прочный шов чего-л.
Дьиппиэһиннээх симиир. ПЭК СЯЯ
Саамал кымыһы санаатынан хамната турар буоллун диэн, бичиктээх биһиэйэхтээх, симэхтээх бииллээх дьиппиэһиннээх симиирдэрин сириэдитэн кэбиспиттэр. ПЭК ОНЛЯ I


Еще переводы:

лоҕуй

лоҕуй (Якутский → Якутский)

I
туохт. Ыараханынан лигийэн сим, чиҥэт (хол., буо ру). ☉ Уплотнять, утрамбовывать чем-л. тяжёлым (напр., землю).
♦ Лоҕуйар лох түөртүгэн фольк. — олоҥхоҕо Аллараа дойдуну ойуулаан этии. ☉ Образное изображение преисподней в эпосе. [Өһөх Харбыыр:] Алдьархайдаах Аллараа дойду Аҕыс Чамчааһыннаах Атыйатын арыйа баттаан, Ү л ү с к э ннээх үс үтүмэҕин Үрэйэ охсон тахсаммын, Лоҕуйар лох түөртүгэн Тоҕус сындыыстаах сэттэ дьиппиэһинин Тэлэйэ тэбэн тахсаммын, Улдьааран уһаатаҕым буолуо… П
О й у у н у с к а й. Баҕар, А.П. Окладников суруйарын курдук, лоҕуйар лох түөртүгэн буору чиҥэтиигэ туттулла сылдьыбыт бааһына тэриэбэтэ эбитэ буолуо. ЕВФ УуДК
ср. осм. лоҕ ‘каменная цилиндрическая утрамбовка’
II
даҕ., кэпс. Халыҥ, ыарахан (ордук иһити этиллэр). ☉ Толстостенный, тяжёлый (в основном о посуде)
Киһи лоҕуй чаанньыгар уу кутан, үөттүрэҕинэн саҥардыы кытара сатаан эрэр чохтору чөмөхтөөтө. Р. Кулаковскай