Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьирэлдьий

дьирэй диэнтэн арыт
көстүү. Үс арсыын үрдүк киһи төттөрү-таары хааман дьирэлдьийэ сылдьар. ПЭК СЯЯ
Дьахтар холустук эргиллэн, көрүдүөр устун түргэнтүргэнник хааман дьирэлдьийэ турда. Софр. Данилов
«Бэйи, аныгы көрсүүбүт буоллун!» - диэн, фашист саныысаныы, комендатуратын диэки дьирэлдьийэ турбута. Суорун Омоллоон


Еще переводы:

арсыын

арсыын (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Уста кээмэйэ: түөрт сүөм кэриҥэ. Аршин
[Айталыын Куо] бу киирэн көрдөҕүнэ — үс арсыын үрдүк киһи төттөрү-таары хааман дьирэлдьийэ сылдьар. ПЭК ОНЛЯ I
Саас хаар ууллан эрдэҕинэ, интэринээт оҕолоругар түөртүү арсыын таҥаһы түҥэтэллэрэ. Амма Аччыгыйа
Бу — аата эрэ алаас, бүтүн арсыын үрдүктээх дулҕанан саба үүммүт бырыы-бадараан дойду. Софр. Данилов