Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьиэлэн

туохт.
1. Туспа, бэйэҥ бас билэр, олорор тутуулан. Обзавестись собственным жильем (жилым помещением)
Муҥ саатар, өлөр үйэбэр, кырдьар сааспар бас билэр дьиэлэнэн көрүүм. Софр. Данилов
Ыраах үрэхтэринэн бултуурга, үүтээннэргэ дьиэлэнэргэ кини, Тогойкин, бэйэтэ төлөннөөхтүк аҕытаассыйалыыр этэ. Амма Аччыгыйа
Хас саҥа ыал туспа дьиэлэнэргэ кыһанар. И. Аргунов
2. Кэргэннэн, туспа ыал буол. Обзаводиться семьей, жениться или выходить замуж
[Дьаакып:] Үчүгэй суол буоллаҕа дии - хата тыыннаахпар эн дьиэлэммиккин көрөн хаалыам! А. Софронов
Эттээх бууппун эрэнэммин Эргэ барбатах иэдээммин, Улаан ньуурбун улаатыннаран Олохпун булбатах муҥмун. Сирискэн өлүүгэ сиэтэммин Дьиэлэммэтэх эрэйбин. С. Зверев
3. Кэпсэтии быһыытынан эбэтэр куортамнаһан дьон дьиэтигэр олор. Снимать жилье у кого-л., квартировать
Өлөксөй оскуола аттынааҕы ыалга дьиэлэнэн олороро. В. Протодьяконов
Арыылаахтан Миитээ дьиэлэнэр Хоптолооҕо икки биэрэстэ сир. Е. Неймохов
[Уол] аҕата, ийэтэ нэһилиэккэ олороллор үһү. Оттон билигин куоракка убайын аахха дьиэлэнэ сылдьар эбит. М. Попов
4. көсп. Олохсуй. Обосноваться, проживать
Өтөр сүүрбэ сылын туолуо - түрмэ дьиэлэммитэ. Эллэй
Хонор хос анна да көстүмнэ, Хоргутар куоракка түһүмнэ, Холорук да буолан көстүмнэ Хоруобуйа хоонньо дьиэлэннэ. Эллэй
Оччоҕо ийэ тылым, ордук сэтэрэн, Олоҥхотун дойдутугар дьиэлэнэрэ, Ордук барҕаран, ордук киэркэйэн Алаастарым аайы дьиэрэйэрэ. С. Данилов
5. Ордуулан (кыыл туһунан). Вырыть, обустроить логово, нору (о зверях)
Бэл диэтэр бэдэр дьиэлэммит Бэс чагдаларбыт эниэлэригэр Дьэҥкир таас түннүгүнэн килэдийбит Дэриэбинэлэр дэлэйдилэр. С. Зверев
6. Тула тэйиччинэн сырдык иилэн (ый, күн туһунан). Быть окруженным светлым ореолом (о солнце и луне)
Ыйбыт дьиэлэммит. Уһун былыт кэлээри, хаардаары гынар быһыылаах. И. Никифоров
Үрүҥ күн барахсан дьиэлэнэр, Күн көнөтүк кыыһар буоллаҕына кураанныыр. Ардаары гыннаҕына күн дьиэлэнэр. «Кыым». «Ый дьиэлэммит, - диир булчут, - ол аата буурҕа түһээри гыннаҕа». Т. Одулок (тылб.)

дьиэлэн-уоттан

туохт. Кэргэннэн, ыал буол, туспа хаһаайыстыбалан. Обзаводиться семьей, жить отдельным домом, хозяйством
Бачча сааспар дылы аҥаардас сылдьан-сылдьан баран, дьэ дьиэлэнним-уоттанным. А. Софронов
Бэйэтэ дьиэлэнэн-уоттанан баран, хайдах хотун буолбута биллибэт эбээт. Амма Аччыгыйа
Үйэлээх сааһын тухары дьиэлэммэтэх-уоттамматах, ырыаҕа ылларбыт, тойукка туттарбыт эрэйдээх этэ. Н. Якутскай

Якутский → Русский

дьиэлэн-уоттан=

обзаводиться домом, семьёй, хозяйством.

дьиэлэн=

1) приобретать дом, квартиру, обзаводиться домом, квартирой; саҥа дьиэлэн = обзавестись новым домом; 2) жениться или выходить замуж; обзаводиться семьёй; кыыс дьиэлэммит девушка вышла замуж, девушка обзавелась семьёй; 3) смотреть за своим домом; 4) квартировать, жить где-л.; билсэр дьоҥҥор дьиэлэн = квартировать у знакомых.


Еще переводы:

дьиэлэнии

дьиэлэнии (Якутский → Русский)

и. д. от дьиэлэн =.

дьиэлэнии

дьиэлэнии (Якутский → Якутский)

дьиэлэн диэнтэн хай. аата. Саҥа дьиэлэнии - үөрүүлээх суол

өтөхтөн

өтөхтөн (Якутский → Якутский)

туохт. Кыстыыр дьиэлэн. Заиметь, завести, построить зимний дом
Өбүгэлэр бэрт былыр Өтөхтөнөн иһэннэр, Оҕо турбат дэһэннэр, Олорботох этилэр. И. Петров

сахачаан

сахачаан (Якутский → Якутский)

саха диэнтэн атаах.- аччат. Аал уоту оттунан, Алаһа дьиэлэнэн Сайсары сыһыытын Самныбат саргылаах Сахачаан омуга Сайдарга барбыппыт. П. Тулааһынап

сахсыныы

сахсыныы (Якутский → Якутский)

сахсын 2 диэнтэн хай
аата. Кэнники бириэмэнэн улахан нэһилиэктэр ахсын биирдии таҥара дьиэлэнээри сахсыныы буолан испитэ. Эрилик Эристиин

лаабыстан

лаабыстан (Якутский → Якутский)

лаабыстаа диэнтэн атын., бэй
туһ. [Макар] тус бэйэтэ бас билэр дьиэлэниэхтээҕэр буолуох лаабыстаннаҕа да диэни билбэтэх баҕайыта. Н. Лугинов
Тукаам, булдуҥ сэптэрэ үүтээннэриҥ тастарыгар лаабыстанан тураллар. «Чолбон»

чуулааннан

чуулааннан (Якутский → Якутский)

туохт. Чуулаанна оҥоһун, чуулааннаах буол. Построить себе, заиметь кладовую или спальню в доме
Дьэгдьиҥи дьиэлэннэ, Аан хостонно, …… Туспа чуулааннанна. А. Софронов

постой

постой (Русский → Якутский)

м. хонуу, дьиэлэнии, түһүү (быстах олоруу).

дьэрбэҥсит

дьэрбэҥсит (Якутский → Якутский)

аат., үөхс. Унньуула, унньуйа сытыйбыт (уһун, хатыҥыр, көнтөрүк киһи туһунан). Верзила, дубина (о высоком нескладном человеке)
Ким хайа диэнтэн дьиэлэнэн олорор улуус удурҕаччыта, атын аҕа ууһун дьэрбэҥситэ буолаҕын? ПЭК ОНЛЯ I

эмээхсиннэн

эмээхсиннэн (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Кэргэн ыл, ыал буол. Жениться, обзавестись семьёй. Ньукулай уола Бүөтүр эмээхсиннэммит үһү. Били Балбааралаахха дьиэлэнэн олорор күлүүк уол эмээхсиннэнэн да оттомурбута көстүбэт. Соҕотох олорор Сылгыһыт Сэмэн эмээхсиннэнэрэ буоллар, дэлэ абыраныа этэ дуо?!