Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өтөхтөн

туохт. Кыстыыр дьиэлэн. Заиметь, завести, построить зимний дом
Өбүгэлэр бэрт былыр Өтөхтөнөн иһэннэр, Оҕо турбат дэһэннэр, Олорботох этилэр. И. Петров

өтөх

аат.
1. Урут дьиэ турбутун, ыал олорбутун бэлиэлэрэ баар сирэ. Место, где ранее была усадьба, стоял дом
Кыараҕас алаас халдьаайытыгар өбүгэлэрбит былыргы өтөхтөрүн оннугар от наһаа үүммүт, үүнэ сатаан баран сыппыт. Далан
Саас тухары, биир-икки да буоллар, ыал олохсуйан олорбут сирэ иччитэхсийэн, өтөх буолан күөрэ-лаҥкы түһэн хааларын көрүөххэ да сүрэ бэрт. Н. Заболоцкай
2. Быраҕыллыбыт, киһи олорбот буолбут дьиэтэ, уһаайбата. Заброшенное жильё, заброшенная старинная усадьба
Бу манан, куһаҕан баҕайы былыргы өтөх кэтэҕинээҕи толоон арҕаа саҕатынан биэс таба сылдьыбыт. Амма Аччыгыйа
Өтөҕү көрөн, эн өйдүөҥ, билиэҥ: баай биитэр дьадаҥы ыал дьоллоохтук дуу, сордоохтук дуу олорон ааспытын. Л. Попов
Сайыҥҥы куйаастан, күлүмэнтэн сылгы, ынах-сүөһү манна сөрүүкүү киирэр, мунньустар эбит, – өтөх иһигэр эргэ кии толору. Н. Якутскай
3. Кыһын олорор дьиэ, кыстык, кыһыҥҥы уһаайба. Зимнее жильё, зимняя усадьба
Үргүлдьү өтөхтөөх, Тилиһэ тиэргэннээх, Булкуһа буруолаах Уолан киһи баар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Өрүүскэ:] Хайа, оҕонньор, бу ханна тиэтэйдиҥ? [Таллаайап Сэмэн:] Дьиэбэр. Өтөҕүм оҕуруотун оҥоруом. Күндэ
Үлэ-хамнас үлүскэнэ Үмүрүйэ түмүктэнэр; Өтөх ыалын буруолара Үөлэстэринэн үрдээн көстөр. Өҥнөөх-тоттоох күһүнэ Үүнэн кэлэн истэҕэ. Күннүк Уурастыырап
Төрөөбүт-үөскээбит сир. Родные места, родные края
Өргөстөн чаҕыйан өтөҕөр кэхтибит, Өрдүнэн оонньообут өстөөҕү ирдиибит. А. Абаҕыыныскай
Өтөҕүн быста — дьиэтигэр быһа барда. Ушёл прямиком домой
Кытыйа оҕонньор айаҕалыы сатаан отун охсубакка өтөҕүн быста. И. Гоголев
«Чэ, кэбис! — дии түстэ Тиит. — Өтөхпүтүн быһыахха, ол ордук буолуоҕа». А. Сыромятникова
Кэллэ кэлээт тэһииргээтэҕим тугун дьиктитэй, арааһа, уһаабакка-кэҥээбэккэ өтөҕү быстахха сатаныыһы. У. Нуолур. Өтөҕүттэн өннүбэтэх (өнүйбэтэх) — ханна да ыраах сылдьыбатах, тэлэһийбэтэх. Тот, кто никогда не выезжал за пределы своей местности, не отлучался от родных мест. Алааһыттан арахпатах, Тиэргэнтэн тэйбэтэх, Өтөҕүттэн өннүбэтэх Аҕыйах ынахтаах Ыалтан төрөөбүт. Өксөкүлээх Өлөксөй
Киһи олорор бу дьиэҕэ: Өлөрүн да бу манна өлүөҕэ, Өтөҕүттэн өнүйбэккэ, Олоҕу, дьону билбэккэ. Күн Дьирибинэ. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх (буолуох- таах) — ийэни-аҕаны утумнуур ыччат баар буолуохтаах. У людей должны быть продолжатели рода, т. е
дети мужского пола (букв. пепелище имеет пни, старое жильё имеет заветную память). Аныгылыы сайдыы күүстээх, Ол эрээри атастаар, Эргэ өтөх төҥүргэстээх, Сурт кэриэстээх буолуохтаах. С. Данилов
Саха омук эрэйдээх ааттыын сүтэр амырыын кэмэ, били былыргылар этэллэринэн, өтөх төҥүргэһэ, сурт кэриэһэ суох хаалар кэмэ ааҥнаан тиийэн кэлбит эбит буоллаҕа. Софр. Данилов
Үчүгэй, үөрэт, бил барытын, – Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх! Ааспыт олох суолларын ырытан, Аныгы да ыччат билиэхтээх. Л. Попов. Өтөхтөрүн хаардаабыт — урукку таптыыр киһигин эбэтэр көссүүгүн кытта эмиэ булус. Возобновлять, восстанавливать былые любовные связи (букв. очистил от снега зимнее жильё). Кинилэр өтөхтөрүн хаардаабыттар
Өтөх тэллэйэ бот. — өтөх сиргэ үүнэр бороҥнуҥу маҥан өҥнөөх тэллэй. Гриб белого цвета, растущий в заброшенных местах
Атаҕын анныгар, ононманан, өтөх тэллэйдэрэ сымыыт курдук туналыһа сыталлара. В. Гаврильева
ср. монг. отог ‘огнище’, тур. отак ‘хата, кибитка’

Якутский → Русский

өтөх

1) место, где ранее стоял дом, следы усадьбы, жилья; 2) заброшенное жильё, заброшенная старинная усадьба (в Якутии до революции); развалины здания, жилья.

Якутский → Английский

өтөх

n. farm


Еще переводы:

өтөһүй

өтөһүй (Якутский → Якутский)

өтөй диэнтэн хамс
көстүү. Таас көстүүнэй диэки хааман өтөһүйэ турда. Амма Аччыгыйа
Биир эдэркээн кыыс өтөһүйэн тахсан кэллэ. М. Доҕордуурап
Өрүүтүн өс хоһоонноох Өтөн Көтөн өтөһүйдэҕэ өтөхтөн. П. Дмитриев

хаардан

хаардан (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Хаардаах буол, хаарынан бүрүлүн. Покрываться снегом
Ааспыт күһүн өксүөн суох буолан, кыһын чараас хаарданан, сиик бэрт аҕыйах. П. Егоров
2
хаардаа 2 диэнтэн атын. туһ. От хаарданан, биир тардыы кэриҥэ сиргэ түспүт. М. Доҕордуурап
Өтөхтөн чугас турар кэбиһиилээх от хаардаммыт, аҥаар оройуттан эмти тардыллан тиэйиллибит. И. Сысолятин
Мууһурбут уонна хаардаммыт убаһалары кыс устата икки-үс төгүл ыраастыыллар. ҮБНьТ

шампиньон

шампиньон (Русский → Якутский)

сущ
шампиньон (маҥан өҥнөөх, өтөх сиргэ үүнэр, сиэниллэр тэллэй), өтөх тэллэйэ

ханньарыс

ханньарыс (Якутский → Якутский)

ханньарый диэнтэн холб. туһ. Быраҕыллыбыт өтөххө эргэрбит тутуулар ханньарыһан тураахтыыллар

гумус

гумус (Русский → Якутский)

м. кунус, буордуйбут кии (өтөх буора, үүнээйи уонна хамсыыр харамай тобохторо буору кытта буор буолбуттара).

кураанахсый=

кураанахсый= (Якутский → Русский)

становиться пустым, пустынным; становиться нежилым, заброшенным; кураанахсыйбыт хонуу пустынное поле; кураанахсыйбыт өтөх заброшенное жилое место.

бакылдьыс

бакылдьыс (Якутский → Якутский)

бакылдьый диэнтэн холб. туһ. Оҕонньоттор өтөхтөрүн көрө охсоору тиэтэйбиттии хааман бакылдьыһа турдулар

бөлөҕөлөө

бөлөҕөлөө (Якутский → Якутский)

көр бөлүөҕүс
Бөлөҕөлөөн олорор Бөһүөлэктэр үөскээтилэр. Отууланан отчут хонор Өтөхтөрө үксээтилэр. Баал Хабырыыс

дьоодьойоохтоо

дьоодьойоохтоо (Якутский → Якутский)

дьоодьой диэнтэн атаах. Өтөх иһигэр былыргы үйэтинээҕи соҕотох остуол дьоодьойоохтоон турар

эрбэһиннэн

эрбэһиннэн (Якутский → Якутский)

туохт. Эрбэһин үүн, эрбэһиннээх буол. Зарастать полынью, сорняком, травенеть. Ходуһа эрбэһиннэммит. Өтөх эрбэһиннэммит