Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьиэлээ

туохт.
1. Олорор сиргэр бар. Идти (ехать), отправляться к себе домой
Хонтуораҕа барбыта. Баччаҕа кэлиэм диэн эппэтэҕэ. Бука сэрэйдэххэ, онон дьиэлиирэ буолуо. А. Софронов
Мин дьиэлээтим. Эһиги ханналыыгыт? Софр. Данилов
Чаас аҥарын кэриҥэ өссө олорон кэпсэппэхтии түһэн баран, Бэдэһиэйэп дьиэлээтэ. Бэс Дьарааһын
2. Кэргэннээ, ыал оҥор. Женить или выдать замуж кого-л.
Мин икки кыыһы дьиэлээтим. ПЭК СЯЯ
Мин эмээхсимминиин сүбэлэһэн баран, Лоокууппутун эһиги Ньургуһуҥҥутугар дьиэлииргэ сананныбыт. Дьүөгэ Ааныстыырап
3. Олорт, олохсут, олорор дьиэтэ булан биэр. Обеспечить жильем, домом кого-л.
Лука оҕонньор кэргэннэммит оҕолорун барыларын туспа дьиэлээтэ.  Оччоҕо Халытардааҕы ити балаҕаҥҥа дьиэлиэххэ сөп этэ. Софр. Данилов
4. Дьиэ ис-тас үлэтин үлэлээ, көр. Вести хозяйство в чьем-л. доме
Күтүр өстөөх, эмээхсиниҥ өлбүтүн кэннэ дьиэҕин ким дьиэлиэй, ким сүөһүгүн, аскын дьаһайыай? Н. Неустроев
«Өксүү, балыыһалаан эрэбин, - диэтэ Маайа. - Дьиэбин дьиэлээн хааларгар тиийэҕин». Софр. Данилов
Көрсүө Көөдөкүс дьиэни дьиэлии хаалан баран, оһох таһыгар тайах мүһэтин тиниктии олорор. Суорун Омоллоон

дьиэлээ-уоттаа

көр дьиэлээ
3
Оҕобун дьиэлээн-уоттаан баран өллөхпүнэ да өллүм диир этиэм. А. Софронов

Якутский → Русский

дьиэлээ=

1) выделять дом, давать дом (напр. в приданое); 2) женить или выдавать замуж; кыыскын дьиэлээ = выдать дочь замуж; 3) смотреть за домом, хозяйничать, вести хозяйство; 4) отправляться домой.


Еще переводы:

дьиэлээччи

дьиэлээччи (Якутский → Русский)

и. д. л. от дьиэлээ = 3 присматривающий за домом, хозяйством; дьиэ дьиэлээччи ведущий хозяйство в доме.

дьиэлэт=

дьиэлэт= (Якутский → Русский)

побуд. от дьиэлээ = 3; дьиэҕин дьиэлэтэ хааллар = оставить кого-л. присматривать за домом.

кылдьыһый

кылдьыһый (Якутский → Якутский)

кылдьый диэнтэн хамс
көстүү. Үлэтин бүтэрбит киһи быһыытынан дьиэлээтэ. Оҕуһа эмиэ үөрэ-көтө кылдьыһыйда. М. Доҕордуурап

чалҕарыс

чалҕарыс (Якутский → Якутский)

чалҕарый диэнтэн холб. туһ. Тиһэх киэһэбитигэр Тыатааҕыбытын курумнаан, Сиэн-аһаан чалҕарыһан, — Сарсыарда эһэм дьиэлээбитэ. В. Миронов

курумнаа

курумнаа (Якутский → Якутский)

туохт. Эһэни өлөрбүтү малааһыннаа. Устроить пиршество (по поводу добычи медведя)
Тиһэх киэһэбитигэр «тыатааҕыбытын» курумнаан, Сиэн-аһаан чалҕарыһан, — Сарсыарда эһэм дьиэлээбитэ. В. Миронов

тутуспутунан

тутуспутунан (Якутский → Якутский)

сыһ. Арахсыбакка бииргэ, холбоһон. Вместе, скопом, гуртом
[Бииктэр:] Онон биһиги хаһыа да буолан аны холкуоска киирбэккэ, бүттүүн тутуспутунан олорорго толкуйданныбыт. Суорун Омоллоон
Оҕолор бары тутуспутунан дьиэлээтилэр. В. Яковлев

дьиэ

дьиэ (Якутский → Английский)

n. house, home; дьиэ-уот n. home, family; дьиэлээ= v. to marry, wed; to manage a house; дьиэ таһыгар a. around the house, domestic; дьиэ сууйааччы n. janitor, building cleaner; дьиэһит n. housekeeper

хозяйничать

хозяйничать (Русский → Якутский)

несов. 1. (заниматься хозяйственной деятельностью) хапаайыннаа, дьапай; 2. (выполнять работы по дому) хаһгайыннаа, дьиэлээ, дьиэни көр; 3. (бесцеремонно распор яоюаться) хапаайыннаа, бэйэҥ билэргинэн дьаһай; хозяйничать в чужом доме, как в своём туспа дьиэҕэ бэйэҥ дьпэҕэр курдук билэргинэн дьапай.!

акыҥнаталаа

акыҥнаталаа (Якутский → Якутский)

акыҥнаа диэн тэн төхт
көрүҥ. Хараттан хара сирэйдээх, улахан уостаах, үп-үрүҥ тиистээх, будьурхай ахан баттахтаах, куйаабыл курдук уһун атахтаах киһи оргууй аҕай акыҥнаталаан ааһа турда. Амма Аччыгыйа. Сайгыылап …… күрдьэҕин сүгэн, дьиэлиир суолунан аа-дьуо акыҥнаталыы турда. А. Федоров

арааллаа

арааллаа (Якутский → Якутский)

туохт. Бөлүөхсэн хаамп (элбэх дьон туһунан). Идти плотной группой (о большой массе людей)
«Чэ, тоҕо да таах турабытый, мин дьиэлээтим», — диэт илиитин биэрэн баран, аллараа тротуарга арааллаабыт дьон быыһыгар түһэн, сүтэн хаалбыта. Софр. Данилов