Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьоодьоҥноо

дьоодьой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Дьаакып тэриэлкэлэрин киллэрэн былыргылыы ньахчаҕар, үс атахтаах дьоодьоҥнуу турар остуолга уурда. Суорун Омоллоон
Мыычаан оҕонньор отуубутугар дьоодьоҥноон таҕыста, уот оттон күөдүпчүлэттэ. Н. Якутскай

Якутский → Русский

дьоодьоҥноо=

равн.-кратн. от дьоодьой = 1) мерно качаться, шататься, раскачиваться; 2) медленно идти на слабых подкашивающихся ногах (напр. о больном); ср. дьаадьаҥнаа =.


Еще переводы:

дьоодьоҥноохтоо

дьоодьоҥноохтоо (Якутский → Якутский)

дьоодьоҥноо диэнтэн атаах. Соҕотоҕун дьиэтин диэки дьоодьоҥноохтуу турда

дьоодьоҥнотолоо

дьоодьоҥнотолоо (Якутский → Якутский)

дьоодьоҥноо диэнтэн төхт. көрүҥ. Биригэдьиир оҕонньордоро дьонун иннигэр төттөрү-таары хааман дьоодьоҥнотолоото

дьаадьаҥнаа=

дьаадьаҥнаа= (Якутский → Русский)

равн.-кратн. от дьаадьай = 1) шататься (постоянно); остуол дьаадьаҥныыр стол шатается; 2) идти на подкашивающихся ногах; хааман дьаадьаҥныыр он идёт неуверенным шагом; ср. дьоодьоҥноо =.

дьоодьоҥнот

дьоодьоҥнот (Якутский → Якутский)

дьоодьоҥноо диэнтэн дьаһ
туһ. Онтон ытаһа мастарын булан уктаннар, иһирдьэ-таһырдьа дьоодьоҥнотон баран истилэр. Суорун Омоллоон
Дабыыт үөһэттэн аллара дьоодьоҥнотон илии баттаабытын олоруохтааҕар сыныйан одууласта. У. Нуолур

күөдүпчүлээ

күөдүпчүлээ (Якутский → Якутский)

көр күүдэпчилээ
Мыычаан оҕонньор отуубутугар дьоодьоҥноон таҕыста, уот оттон күөдүпчүлээтэ. Н. Якутскай
Дьуона, …… тоһута үктээн барчалыы-барчалыы, маһы өссө быраҕан, уоту оттон күөдүпчүлээбитэ. Н. Габышев

дьаадьаҥнаа

дьаадьаҥнаа (Якутский → Якутский)

  1. дьаадьай диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Бу ыскамыайка дьаадьаҥныыр эбит. «Молотоох, молотуоккун уларыс эрэ, бу паартам хаппаҕа дьаадьаҥнаабыт», - диэн эҥинник элэктээн сордууллара. Е. Неймохов
    Бу остуол биир да тоһоҕото суоҕа уонна үйэҕэ чугаһыыр кэм устата, эчи, дьаадьаҥнаан да көрбөтөҕө. «Кыым»
  2. Икки өттүгүнэн иэҕэҥнээн, атахтаргын соһо былаастаан хаамп (сэниэтэ суох буолан). Ходить, идти переваливаясь, едва передвигая ноги
    Хааман дьаадьаҥныыр. Өлөксөй Туораҥаҕа дьаадьаҥнаан тиийдэ. А. Сыромятникова
    Наталья оһоҕостоох буолан, тот кус курдук дьаадьаҥнаан хаамара. М. Горькай (тылб.). Тэҥн. дьоодьоҥноо
тордуйаһыт

тордуйаһыт (Якутский → Якутский)

I
аат. Тордуйа оҥорооччу. Изготовитель тордуйа
Тордуйаһыт Дьоодьоҥнуур оҕонньор оҥорбут Тоҕус сиринэн тоһоҕолоох, Туора саастаах Сул түөс тордуйатыгар Туҥуй ынах киэнин Тумалаах тунаа маҥан суоратын Тунаарыччы кутан кэбистэ. Күннүк Уурастыырап
II
аат. Куобаҕы сир харатыгар, тииҥи хаама сылдьан көрдөөн бултуур киһи. Охотник на зайцев и белок, который обнаруживает их по светлому окрасу (осенью, когда ещё не выпал снег). Миитэрэй үчүгэй тордуйаһыт, күҥҥэ уончалыы куобаҕы өлөрөр
Үчүгэй тордуйаһыттар халлаан төһө былыттааҕыттан, ханнык бириэмэтиттэн көрөн, тииҥ суолун эккирэппэккэ, быһыта баран бултааччылар. Р. Кулаковскай