Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьорҕой

туохт. Тугу эмэ өрө баран утары эт, мөккүс. Грубить, дерзить
Мөлтөххө дьорҕойор урдустар - куттастар, Күөх оту тоһуппат сэмэйдэр дьэ хата Кытаанах түгэҥҥэ кимнээҕэр хорсуттар. М. Ефимов
Кини бу ыалга кэлбитин усталаах-туоратыгар тойонугар бу эрэ утары дьорҕойдо. Р. Кулаковскай
«Чэ, барбахтаан ис», - диэн кини дьаамсыкка дьорҕойдо. Л. Толстой (тылб.)
бур. жархай

Якутский → Русский

дьорҕой=

проявлять бойкость, смелость, решительность; кини онно ордук дьорҕойбут в этом он проявил особую бойкость.


Еще переводы:

дьорҕойуу

дьорҕойуу (Якутский → Русский)

и. д. от дьорҕой =.

дьорҕос=

дьорҕос= (Якутский → Русский)

взаимн. от дьорҕой = соперничать, тягаться.

дьорҕойбохтоо

дьорҕойбохтоо (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн тиэт
көрүҥ. Оттон [мөккүһээччилэртэн] анарааҥҥыта, онуоха утаран, сөмүйэтин чочоҥолото-чочоҥолото, өрүтэ дьорҕойбохтуур. П. Филиппов

дьорҕойуу

дьорҕойуу (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн хай
аата. Оҕонньор мунньахха дьүүллэниитин санаабат, соҕотох Арбатскай дьорҕойуутун курдук саныыр буолуохтаах. В. Яковлев

дьохсоһуй

дьохсоһуй (Якутский → Якутский)

дьохсой 2 диэнтэн хамс
көстүү. [Ньирэй] Доҕотторугар дьорҕойон Дьохсоһуйан тиийэр, ойон. Анньыалаһар, күрдьүөттүүр, Атааннаһан мөҥүрүүр. П. Дмитриев

дьорҕойтолоо

дьорҕойтолоо (Якутский → Якутский)

дьорҕой диэнтэн төхт
туһ. Саҥа тыын ылан эрэр баай улам эрдийэн ыадаҥалыыр, дьадаҥы ыалларыгар дьорҕойтолуур: «Билигин байыаннай хомуйуусума буолбатах! Билигин НЭП буолан турар». Амма Аччыгыйа

иэһирт

иэһирт (Якутский → Якутский)

иэһир диэнтэн дьаһ
туһ. «Салҕаа» диэтэххэ саҥарбат, «Иэһирт» диэтэххэ этиппэт, «Дьоллоо» диэтэххэ дьорҕойор, «Абыраа» диэтэххэ абарар. Өксөкүлээх Өлөксөй
- Саамай уһаатахпына нэдиэлэ буолуом. - Оттон харчыҥ? Хантан иэһирдиэх бэйэбитий? «ХС»

туурхай

туурхай (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ кыайыах-хотуох курдук тутун; дьорҕой. Отваживаться, осмеливаться на что-л. Хайа өйдөрүнэн …… Адьарай ааттаахтарын кытта Аат былдьаһан, Тулуйуохпут диэн Туурхайаллара буолуой?!! П. Ойуунускай

чолбоодуҥнаа

чолбоодуҥнаа (Якутский → Якутский)

чолбоодуй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Соҕотох хараҕынан сып-сытыы баҕайытык көрөнистэн чолбоодуҥнуу турар асчыт Мааппаҕа дьорҕойон кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Бырыскаал [киһи аата] дьиэни тула көрөн чолбоодуҥнаата. В. Титов
Сирэйэ-хараҕа бэркэ турбут, уҥуор хараарар сиһи дьикти илбистээхтик одуулаһан чолбоодуҥнаата. Айталын

баар ээ

баар ээ (Якутский → Якутский)

  1. көр баар II.1. Киһи туһунан туох эмэ тылы-өһү истээт, итэҕэйэ охсорбут баар ээ! Софр. Данилов
    Оо, бука дөбөҥнүк саҥара охсубатыҥ баар ээ! Амма Аччыгыйа
    Начаалынньык да буолта баар ээ, оттон. Д. Таас
    2
    көр баар II.2. Ол туһугар эһэ, сылгы-ынах буолуохтааҕар, киһиэхэ бэйэтигэр да дьорҕойон туруо баар ээ. Н. Заболоцкай
    Букатын аккаастаан кэбиһиэм баар ээ. «ХС»