Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьырдьыгынаа

I
тыаһы үт. туохт. Түргэнник үрүт-үрдүгэр «дьырдьыр» диир курдук бүтэҥи соҕус тыаһы таһаар. Издавать частый дребезжащий глухой звук, задребезжать
Трамвай дьырдьыгынаан-дьырылаан кэлэн, тохтуоҕар тиийбэккэ эрэ, ойуталаан түһэммит, …… тыйаатыр иһигэр киирэммит - мунньах аһылларын кэтэһэн олордубут. П. Ойуунускай
II
дьүһ. туохт. Ыраас ньуурга биир тэҥник кэккэлээн ырылыччы көһүн. Ясно виднеться одинаково ровным рядом
Кумааҕынан кырыйыллан, хара кырааскалаах хаптаһыҥҥа сыһыарыллыбыт буукубалар, хараҥа да буоллар, чуолкайдык дьырдьыгынаан көстөллөр. Эрилик Эристиин
Тимир аты мииммит киһи нэһилиэк кэнсэлээрийэтигэр ааспыт суола сииктээх буорга дьырдьыгынаан хаалбытын дьиктиргии көрөрүм. Сэмээр Баһылай
Кыһын куобах ойуолаабыт суола хаар үрдүгэр модьоҕолоно дьырдьыгынаабыт. «Кыым»
III
туохт. Этиҥ сааһа аһыллан, тымныы сүүрээн ааспытын курдук буолан ыл. Чувствовать неприятную дрожь в теле
«Бэйи ааҕыстахха, эһиги да холоон инигит!»- Аргыылап эт-этэ дьырдьыгынаан, биир сиргэ таба үктэммэккэ, эргичиҥнээтэ. Софр. Данилов
Ханнык эрэ кыыс хатаннык часкыйда. [Хобороос] онтон соһуйан, этин сааһа аһыллан, дьырдьыгынаан ылла. А. Сыромятникова


Еще переводы:

кырыйылын

кырыйылын (Якутский → Якутский)

кырый I диэнтэн атын
туһ. Кулгааҕынан кырыйыллан, хара кырааскалаах хаптаһыҥҥа сыһыарыллыбыт буукубалар хараҥа да буоллар чуолкайдык дьырдьыгынаан көстөллөр. Эрилик Эристиин. Этин хайыта тыытымматын диэн нэдиэлэ аайы илиитин уонна атаҕын тыҥыраҕын кырыллыахтаах. ГХИ ЭИС

дьиктиргии

дьиктиргии (Якутский → Якутский)

сыһ. Дьиктиргиир курдук. Недоуменно, изумленно, крайне удивленно
Аан дойду, дьон дууһатын Өйдөөрүбүн, билээрибин. Мин бэйэбин күн аайытын Дьиктиргии үөрэтэбин. И. Гоголев
Тимир аты мииммит киһи нэһилиэк кэнсэлээрийэтигэр ааспыт суола сииктээх буорга дьырдьыгынаан хаалбытын дьиктиргии көрөрүм. Сэмээр Баһылай
Неман туһунан саҥара олорор кинээс диэки Десаль дьиктиргии көрбөхтөөн кэбиһэр. Л. Толстой (тылб.)

кэдэҥнэс

кэдэҥнэс (Якутский → Якутский)

I
кэдэҥнээ диэнтэн холб. туһ. [Ырыган Ыстапаан:] Билигин киһи барыта айыылаах …… ол гынан баран, айыыта суох буолан, кирдээх аһы аһаабатах, кирдээх таҥаһы таҥныбатах, кириэһинэй мааны дьон буолан кэдэҥнэһэ сылдьаҕыт. Н. Түгүнүүрэп
II
даҕ. Кэдэйэ түһэн ылар, кэдэҥниир. Выгибающийся, прогибающийся
Сиһим кэдэҥнэс. Ол да буоллар киниэхэ кыһаллыбатахтык аадьуо хаампыта буолабын. Н. Заболоцкай
Куйахам дьырдьыгыныыр, иэним кэдэҥнэс буолар, хараҕым оһох төрдүттэн арахпат. Р. Кулаковскай

дьиибэргэт

дьиибэргэт (Якутский → Якутский)

дьиибэргээ диэнтэн дьаһ
туһ. Кини дьиибэргэтиэн иһин, [саха буолан баран] сырдык күөҕүнэн көрбүт, кугас баттахтаах, кэтит сарыннаах, намыһах киһи. Амма Аччыгыйа
Бу саамай үрдүк кириэс төбөтүгэр баайыллыбыт кыһыл таҥас уонна хара хаптаһыҥҥа дьырдьыгынаабыт үрүҥ сурук барыларын дьиибэргэттэ. Эрилик Эристиин
Миигин биир суол: - «Табаарыс Ыларов бу боппуруоһу ис сүрэҕиттэн туруоруста дуу эбэтэр атын сыалы ситиһэр соруктаах дуу?» - диэн ыйытыы олус дьиибэргэтэр, итиэннэ чахчы сэрэхэдитэр. Р. Баҕатаайыскай