Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьүлэй

глухой || глухота; дьүлэй киһи глухой человек; дьүлэйэ бэргээбит глухота у него усилилась.

Якутский → Английский

дьүлэй

a. deaf

Якутский → Якутский

дьүлэй

даҕ.
1. Тугу да истибэт эбэтэр саамай улахан тыаһы, саҥаны эрэ истэр. Глухой, тугоухий
[Мүлдьү таҥараттан көрдөһөр:] Айыы тойон, биһиги оҥоруубутун уларыт. Уларыт диибин - дьүлэйгин дуу, хайа үөдэҥҥин дуу? Суорун Омоллоон
Били дьүлэй буола оонньообутум, кырдьык, дьүлэй буолан хааллым дуу. С. Ефремов
«Нохоо! Тохтоо эрэ, дьүлэйгин дуу, тугуй? Ыйыталлар буолбат дуо, дьонуҥ ханна барбыттарай?!» - диэн [киирбит дьонтон биирдэстэрэ] көбүөлээтэ. ПНИ ДКК
2. көсп. Туох да быыһылаабат, ханан да быыһа-арда суох, биир кэлимсэ (хол., хабыс-хараҥа түүн). Сплошной, без отверстий; непроглядный (напр., о тьме, тумане и т. д.)
Дьүлэй түүн Ыас хараҥатынан Ыган тиийэн кэлбит. П. Тобуруокап
Мин истэбин - түҥ бараан түүн үөһүн Дьүлэй чуумпутун үргүтэн, Халҕан «хаачыгы-ыыр» тыаһыырын. М. Ефимов
Ол иһэн көрдөҕүнэ: Түннүгэ-үөлэһэ суох Дьүлэй тимир дьиэ Түҥнэри холоруктуу турар эбит. С. Васильев
[Сир тымырын уута] Төһө мөлүйүөн сыл буолла Чөлө суох Дөйө тоҥмут Дьүлэй буор анныгар Түһэн сыппытыҥ? «ХС»
3. көсп., поэт. Тугу да билиэн-көрүөн баҕарбат, туохха да кыһаллыбат, бүтэҥи. Ничем не интересующийся, замкнутый, бездушный, бесчувственный
[Кэччэгэй баай] Килэгир харах, Килиэдэ сирэй, Дьүлэй куҥ, Ньүдьү-балай, Улуу киһи! Өксөкүлээх Өлөксөй
Аһынабын кулгааҕар куба буолбатах, Дууһатыгар тураах чохчойбут муҥнааҕын. Ол эрээри дьүлэй сүрэхтээх сыанаһыты Кэрэ кэрэтин туһугар аһынымыаҕыҥ! С. Данилов. Табаарыстарын тылын истибэт киһини дьүлэй суобастаах диэххэ сөп. А. Федоров
Таас дьүлэй - адьас тугу да истибэт. Совершенно глухой (букв. глухой как камень)
Икки сыллааҕыта сайын уолум Эрбантей күрээн хаалбытын уонна кыыһым биир Бурхалей диэн киһини кытта хаайыыттан куотан хаалбыттарын иһин, тойонум Атен төбөбүн үлтү сынньан кэбиһэн, таас дьүлэй буолан хааллым. Эрилик Эристиин
Харамайдартан барыларыттан сахсырҕа, улитка уонна муора сулуһа олох истэр дьоҕурдара суох таас дьүлэйдэр. ДьДьДь
Оҕуруктаах санаалаах Дэлиһиэй кинээс халыҥ халыымҥа ымсыыран Өкүүсэни алта уончалаах таҥхайа кырдьыбыт, таас дьүлэй, кэп-дьэбэр оҕонньорго кэргэн биэрэргэ быһаарынар. «ХС»
п.-монг. дьулей


Еще переводы:

глухой

глухой (Русский → Якутский)

прил
1. дьүлэй. 2. түҥкэтэх.

оглохнуть

оглохнуть (Русский → Якутский)

сов. дөй, дьүлэй буолан хаал, истибэт буолан хаал.

симулировать

симулировать (Русский → Якутский)

сов. и несов. что кубулун, албаһыр; симулировать глухоту дьүлэй буолан кубулун.

быччаныах

быччаныах (Якутский → Якутский)

быччаҕар диэн курдук
«Мин бардым», — диэтэ Коля аттар быаларын чиҥэтэн биэрэ сылдьар Дьүлэй Баабылыкка. «Быччаныах, ол ханна бараҕын?» — диэн Дьүлэй Баабылык Коляны кэнниттэн хаһыытаан хаалла. Эрилик Эристиин

притвориться

притвориться (Русский → Якутский)

II сов. кем и без доп. (представиться) кубулун, буолбута буол; притвориться глухим дьүлэй буолбута буол.

глухой

глухой (Русский → Якутский)

прил. 1. (лишённый слуха) дьүлэй; глухой старик дьүлэй оҕонньор; 2. в знач. сущ. м. дьүлэй, дьүлэй киһи; 3. (неотзывчивый) истибэт, бүтэй сүрэхтээх, көһүүн; он глух ко всем просьбам кини туох да көрдөһүүнү истибэт; 4. (о звуках) бүтэй, бүтэҥи; глухой голос бүтэҥи куолас; 5. перен. (затаённый, .скрытый) бүтэй, бүтэйдии; глухое недовольство бүтэйдии сөбүлээбэт быһыы; 6. (густо заросший) бүтэй; глухая тайга бүтэй

улаата

улаата (Якутский → Якутский)

көр алаата
Улаата! Уобарас буолаахтаан! П. Тобуруокап
Улаата, таас дьүлэй буолан хааллаххыный. А. Сыромятникова
Улаата! Ойдоххут да омунун! «ХС»

дьүп-

дьүп- (Якутский → Якутский)

Даҕааһын күүһүрдэр формата, дьү- диэн саҕаланар олохторго сыстар: дьүп-дьүдьэх, дьүп-дьүлэй. Препозитивная усилительная форма прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся со слога дьү-: дьүп-дьүдьэх 'очень худой', дьүп-дьүлэй 'совершенно глухой'. Хотонтон дьүп-дьүдьэх тыһаҕаһы сиэтэн таһаарда. Дьүп-дьүлэй киһилиин кэпсэтэр олус эрэйдээх

дабархай

дабархай (Якутский → Русский)

древесная смола; дабархай сыта запах смолы; киниттэн дьүлэй дабархай сүүрдүөҥ суоҕа из него не выгонишь ни смолы, ни дёгтя (соотв. от него, как от козла молока).

ньиргис

ньиргис (Якутский → Якутский)

ньиргий 2 диэнтэн холб. туһ. Үлэһиттэр күлсэн ньиргиһэллэр
Кинилэр ыллаан ньиргиһэллэр. Амма Аччыгыйа
Тыраахтардар Дьүлэй нэһилиэгин толоонноругар саҥардыы ньиргиһэн эрэллэрэ. ПДН ККС