Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дэлэмсийии

дэлэмсий диэнтэн хай
аата. Сэттэ оробуочайга биир салайааччы! Толоос дэлэмсийии диэтэҕиҥ! «ХС»
Дэлэмсийии, баайы баһынан туттуу, уокка арыыны кутуу охсуулаах буолуо. «Кыым»

дэлэмсий

туохт., сөбүлээб. Наадата суохха байымсый, дьэллэм буол. Быть щедрым, уступчивым, когда этого не требуется. «Аттаргытын сынньата таарыйа сарсын манна кэлэн хонон, өрөөн барыҥ», - диэн дьиэлээх Дьэкиим үөрэ-көтө дэлэмсийэр. Саха сэһ
1977
Ол дэлэмсийэ сырыттахтарына биирдэ өйдөөбүппүт, чэйбит бүтэн хаалбыт этэ. «Чолбон»
Бэйэтин хайҕатарын Куриль олус сөбүлүүрэ: биллэн турар, төһө даҕаны наһаа дэлэмсийбэтэр, онтон ордук амарахсыйара. С. Курилов (тылб.)


Еще переводы:

бөҕөхсүйүү

бөҕөхсүйүү (Якутский → Якутский)

бөҕөхсүй диэнтэн хай
аата. Олус өлгөм үүнүүлээх ходуһаларынан бөҕөхсүйүү, дэлэмсийии итинтэн атын чахчылара бааллар. «Кыым»

расщедриться

расщедриться (Русский → Якутский)

сов. разг. дэлэмсий, байымсый.

байымсый

байымсый (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ баайдаах киһи курдук тутун, кыаҕы таһынан дэлэмсий. Выдавать себя за богатого, быть щедрым не по средствам
Киһибит байымсыйан баарын-суоҕун барытын тэбээтэ. —Урут байымсыйар ахан дьон этигит. Бэлиэр бурдуккут бүттэ дуо? «Кыым»
Аһылыгым саппааһа олох кыратын үрдүнэн байымсыйан, төһө да кэччэйдэрбин, суухара тооромоһун бырахтым. Д. Дефо (тылб.)

махта

махта (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Бүтүннүү, аҥаардас, туох да булкааһыга суох. Несодержащий примеси, неразбавленный ничем, без примеси, чистый
Обургу туох б у о л а н ү өһ э т э һ и нн э ҕэ й? Ту о х э р э д ь и ибэни-хообону оҥороору дэлэмсийдэ ини. Барыта махта хара саһыл буолбатах буолуо, тиһигин сүөрэн бэрэбиэркэлиэххэ баар. И. Гоголев
Сыаналаах да баҕайы эбит! Махта көмүһүнэн кутан оҥорб у т с э п т э р э д у у, тугуй? Д. Таас
[ Икки булчут] кыылларын астаан-үөллээн баран, үрэхтэн уу таһааран оргутуммуттара махта туус буолан хаалбыт. У. Нуолур