Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дээдэрий

дээдэй диэнтэн хамс
көстүү. [Томуйах] Түөрт атаҕын Түүрэ үктээбитинэн Тэмтэрийэ-тэмтэрийэ Тэлгэһэни иһинэн дээдэрийдэ. С. Васильев
Сэтээтэл хайдах эрэ тардыбыта, туохтан эрэ куоппуттуу хонтуоратын диэки дээдэрийэ турбута. И. Федосеев


Еще переводы:

түүрэ

түүрэ (Якутский → Якутский)

сыһ. Тугу эмэ бобо, ыксары холбуу тутан (хол., кэлгий). Плотно, туго, крепко (напр., связать, свернув либо скрутив что-л. в трубочку)
Сотору соҕус буолан баран, түүрэ сууламмыт таҥаһы кыбыммыт Өкүлүүнэ киирэн кэллэ. Н. Павлов
[Лөгөнтөй] эргэ тииҥ саҕалаах, нэк истээх кылгас сонун синньигэс таҥас курунан түүрэ тардынна. П. Филиппов
Өссө аҕата тыыннааҕар ииппит ботуруоннара баарыттан хаһы даҕаны түүрэ харбаат, таһырдьа ыстанна. «ХС»
Түөрт атаҕын түүрэ үктээбит — олус ырбыт, дьүдьэйбит (сүөһү туһунан этэргэ). Быть сильно истощённым, худым (о скотине)
[Томуйах] Түөрт атаҕын Түүрэ үктээбитинэн Түннүгү аннынан дьөгдьөрүйдэ, Тэмтэрийэ-тэмтэрийэ Тэлгэһэни иһинэн дээдэрийдэ. С. Васильев
Титиик ортотугар биһиги икки борооскуларбыт эрэйдээхтэр, моой-моойдоругар төбөлөрүн туора уурсан, түөрт атахтарын түүрэ үктээн, тоҥон өлөөрү тураллар эбит. Е. Макаров
Ынах сүөһү тиэргэнтэн тэйбэккэ, күлүк сири булан, түөрт атаҕын түүрэ үктээн, токуллан туран си буолуохтааҕар кэбиммитэ буолар. ТМ ДК