Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дэҥнээх

даҕ. Кутталлаах, сэрэхтээх. Опасный, требующий осмотрительности, осторожного обращения
Баччаҕа атыыр тайаҕы бултуур дэҥнээх, кутталлаах диэн кэпсэтэллэрин истэр буоларым. Т. Сметанин
Биһиги өрүһүйбүт сыарҕабытын дэҥнээх сиртэн тэскилэттэхпит аатыран, иннибит диэки элээрдэ турбуппут. Н. Заболоцкай
Хаары сиир дэҥнээх. Тымныйыахха сөп. И. Данилов


Еще переводы:

баччаҕа

баччаҕа (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Бу кэмҥэ, бу кэм саҕана. В это время, в этот период
Баччаҕа атыыр тайаҕы бултуур дэҥнээх, кутталлаах диэн кэпсэтэллэрин истэр буоларым. Т. Сметанин
Баччаҕа мин төрөөбүт дойдум төһө эрэ үчүгэй буолан турар. А. Софронов

дьээлтиир

дьээлтиир (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Тугу эмэ оҥорорго уустуга, суолтата суох бытархай, киһини аралдьытар мэһэй-таһай, түбүк. Возня, мелкие хлопоты
[Элбэх этээстээх таас дьиэ] эчи киирэргэ-тахсарга да дьээлтиирэ бэрт. И. Гоголев
Ньүөлсүтүүҥ даҕаны дэҥнээх - сорох сыл үрэхтэр уулара киирэ да соруммат. Киирдэҕинэ, туһунан суол дьээлтиирдээх - түһэн биэрбэт. «ХС»

тэскилэт

тэскилэт (Якутский → Якутский)

тэскилээ диэнтэн дьаһ
туһ. Сыарҕабытын дэҥнээх сиртэн тэскилэттэхпит аатыран, иннибит диэки элээрдэ турбуппут. Н. Заболоцкай
Сир бу дойдуттан бары булдун-алдын киэр үүрэн тэскилэтиэҕэ. П. Ламутскай (тылб.)
Тыыҥҥын тэскилэт — туох эрэ куһаҕантан куота оҕус, күрээ. Спасаться бегством
Кэбис, мин баҕас мантан тыыммын тэскилэтииһибин. А. Фёдоров
Бандьыыттартан тыыннарын тэскилэтэн саһан олорбуттара бүгүн үһүс күнэ. А. Сыромятникова. Тыынын тэскилэтэн, дойдутугар ийэтэ эмээхсиҥҥэ күрээн тахсыбыта. С. Новиков