м. 1. (пыл) омун-төлөн, тэбэнэ; 2. (запальчивость) ыгым быһыы, холуон быһыы.
Русский → Якутский
задор
Еще переводы:
күрэх (Якутский → Русский)
I 1) азарт, задор; күрэҕэ киирдэ он вошёл в азарт; 2) состязание, соревнование.
II гонка, загон; куобах күрэҕэ охота на зайцев путём загона; балык күрэҕэ ловля рыбы путём загона (в сети).
молодой (Русский → Якутский)
прил. 1. (юный) эдэр; 2. эдэр, саҥа; молодые кадры эдэр кадр дар; молодой месяц саҥа ый; 3. (присущий молодости) эдэр саас, эдэр; молодой задор эдэр саас тэбэнэтэ; 4. в знач. сущ. молодые мн. разг. эдэр кэргэн- ниилэр; # из молодых да ранний оҕо да урут сиппит; молодо-зелено уоһа уоһахтаах.
тэбэнэт (Якутский → Якутский)
- аат. Омун-төлөн; дьээбэлэнии, мэниктээһин (үксүгэр эдэр буолан). ☉ Задор; озорство; шалость (обычно по юности лет)
Көр-нар, тэбэнэт ортотугар ити курдук эдэр саас кырдьыга, сир анныттан күөрэйэр күндү таас курдук, көстөн ааһар. Н. Босиков
Үргүүк лыахтар тэбэнэттэрэ Үрэйбитэ мунаах санааларбын, Кинилэр миэхэ өйдөппүттэрэ Эргийбэт оҕочоос саастарбын. В. Потапова
Тимир Бороҥ кылгас күөх оту тардыалаһа туран, чөрбөс гынна. Уонна тэбэнэтэ киирэн, өрө тэбэ-тэбэ, сүүрэн быыппаһынна. В. Титов - даҕ. суолт. Дьээбэлээх, мэник. ☉ Озорной, шаловливый. Учуутал аҕатын үтүктэн тэбэнэт кыыс сис туттан баран, эппитэ: «Ээ... Эн, табаарыс Лаврентьев, эт эрэ, баһаалыста, биэһи биэс төгүл хас буоларый, ээ?» Н. Габышев
Оҕолор …… «үлбүрүйүүлэрэ», арыт таптаабыт, арыт тэбэнэт-мэник ыпыраас харахтара, «бу туокуй?» үөһэ «бу туокуй?» диэн биир ыйытыылара — барыта Дьулустаан чуҥкуйбут дууһатын ириэрэргэ, хараастыбыт санаатын дьэҥкэрдэргэ дылы гыналлар. Э. Соколов
Истэбин тэбэнэт үрүччэ Тэһийбэт көрүдьүөс суугунун. Чэчир-68
сэтэр= (Якутский → Русский)
1) растравляться (о ране); илиим баапа сэтэрбит рана на руке разбередилась; 2) разг. усиливаться; раззадориваться; бүгүн тыал ордук сэтэрбит сегодня ветер ещё больше усилился; сэтэрэн туран үлэлээн эрэр он стал работать с ещё большим задором.