Якутские буквы:

Русский → Якутский

закономерный

прил. закономернай, баар сокуонунан үөскүүр, сөптөөх, олохтоох; закономерное явление закономернай көстүү.


Еще переводы:

последовательный

последовательный (Русский → Якутский)

прил. 1. (непрерывный) утум-ситим, утуу-субуу; 2. (логичный, закономерный) утумнаах, биир сүрүннээх; последовательное рассуждение утумнаах толкуйдааһын.

сиэрдээх

сиэрдээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Сөптөөх, олохтоох. Правомерный, закономерный
Ити сиэрдээх ыйытыы! Н. Якутскай
Чэ соннук, Бүөтүр Уйбаанабыс, сиэрдээх этииҥ иһин махтанабыт. И. Никифоров
Ааҕааччы араас араҥата биир айымньыны тус-туһунан сыаналыыра сиэрдээх. «ХС»

ыллыктаах

ыллыктаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Сөптөөх, сиэрдээх; сиэри-майгыны тутуһар, уһун-киэҥ санаалаах. Правомерный, закономерный; приемлемый, разумный. Ыллыктаах ыйытыы
Биир эмэ ыллыктаах киһи баар дуо? Суох! Амма Аччыгыйа
[Уулаах] урут бандьыыттары син ыллыктаах дьон буолуохтара дии санаабыт итэҕэлин сүтэрдэ. Эрилик Эристиин
Дайыыл Дьөгүөрэбис киҥнээхкиҥнээх дииллэр да, ыллыктаах санаалаах үтүө киһи. Н. Босиков
Дүлүҥү туруору аспыт курдук буола сытыйаҥҥын, эйиэхэ итинтэн ордук киэҥ-куоҥ, ыллыктаах санаа кэлииһи дуо?! «ХС»
Ыллыктаах тыл — дьоҥҥо-сэргэҕэ ылыннарыылаах, сөптөөх, сиэрдээх, үтүө тыл. Убедительное, разумное, умное слово
Биир эмэ ыллыктаах тылы тылласта дуо? Амма Аччыгыйа
Сатаатар ыллыктаах тылы эппит киһи бэрт да буолуо этэ. А. Бэрияк
Тэрэнтэй сымнаҕас, ыллыктаах тылынан кэпсэппититтэн кини үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ. Д. Таас