Якутские буквы:

Русский → Якутский

званый

прил
ынырыылаах

званый

прил. 1. (приглашённый) ыҥырыылаах, ыҥырыллыбыт; званые гости ыҥырыылаах ыалдьыттар; 2. (о вечере, обеде) ыҥырыылаах; званый обед ыҥыр ыылаах эбиэт.


Еще переводы:

ыҥырыылаах

ыҥырыылаах (Якутский → Русский)

1) приглашённый, званый; ыҥырыылаах ыалдьыт званый гость; 2) созванный; Верховнай Совет үһүс ыҥырыылаах сессията сессия Верховного Совета третьего созыва.

обед

обед (Русский → Якутский)

м. I. эбиэт, күнүскү аһылык; званый обед ынырыылаах эбиэт; за обедом эбиэккэ, эбиэттии олорон; 2. разг. (полдень) эбиэт, омурҕан; пришёл в обед эбиэккэ кэллэ.

ыҥырыылаах

ыҥырыылаах (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьону эрдэттэн ыҥыран аҕалан тэрийиллэр (хол., мунньах, ыһыах, остуол). Торжественный, парадный, званый (напр., обед, ысыах, собрание)
Кииннэргэ улахан ыҥырыылаах выпускниктар сүлүөттэрэ буолар. Э. Соколов
Көҕүөр иһит олус улахан, киэҥ ыҥырыылаах ыһыахтарга кымыс көөнньөрөр иһит. НБФ-МУу СОБ
Ыҥырыылаах биэчэрдэртэн уонна эбиэттэртэн ураты, Карагиннарга күн аайы үгүс дьон мусталлара. Л. Толстой (тылб.)
2. Туох эмэ тэрээһиҥҥэ кэлэргэ, кыттарга ыҥырыы туппут (киһи). Приглашённый
Оройуон ыһыаҕа ити дьыл Геройдары чиэстээһиҥҥэ анаммыт этэ. Луиза Алексеевна — ыҥырыылаах ытык-мааны ыалдьыт. Багдарыын Сүлбэ
[Бөтүҥнэр] Били ыҥырыылаах Лампа бухатыыр кэлэн, кымыстарын иһээри үөрэн-көтөн бэлэмнэммиттэр. «Чолбон»
Суһал ыҥырыылаах көр суһал
Сити күн сарсыарда РКП(б) обкомун суһал ыҥырыылаах пленума буолбута. «Кыым»

ыалдьыт

ыалдьыт (Якутский → Якутский)

аат.
1. Ыалга кэлбит киһи. Гость, гостья
Саха эгэлгэ аһа тардыллыбыт остуолун тула ыалдьыттар уонна дьиэлээхтэр кэккэлэһэн кэбистилэр. Л. Попов
Кэлбит ыалдьыттар дьиэҕэ киирдилэр, түҥүрдүүлэр үөрэ-көтө көрүстүлэр. М. Доҕордуурап
Хоту дойдуга ханнык да ыалдьыты наһаа үрдүктүк туталлар. Б. Павлов
2. Атын сиртэн туох эмэ тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан кэлбит киһи. Лицо, приглашённое на какое-л. торжество, званый гость
Улахан сыананы киэптии, Остуол кэннигэр кэккэлии Ыалдьыттар тахсан олордулар. С. Васильев
Ыалдьыта суох ыһыах курас, туоҕа эрэ итэҕэс буолар. К. Уткин
[Ыһыахха] Ыалдьыттар, дьоннор элбэхтэр, Үөрэнкөтөн сүрдээхтэр. «Чолбон»
Хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт көр хоноһо
Эн уоппускаҕа эрэ кэлэн аҕыйах хоноот барарыҥ, хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ этиҥ. В. Гаврильева
Аҕалара суоппар этэ, онон сорох дьыл хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук буолара. А. Кондратьев
Сайыны быһа ыһыллан хаалбыт сүөһүлэрин хомуйаллар, дьиэҕэ хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук. Т. Находкина. Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо <буол> — кимиэхэ эмэ ааттаан-суоллаан, анаан-минээн өһү-сааһы ситиһэ кэл. Прийти к кому-л. специально, чтобы свести счёты
Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо иһэбин эн тойоҥҥор. ПЭК ОНЛЯ I
[Манчаары:] Дьокуускай тойотторугар, атыыһыттарыгар ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолуохпут. В. Протодьяконов
Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо ыкса киэһэ кэллэ, ыга куттаммыт Харытыана таҥаһын сыгынньахтаата. Амма Аччыгыйа
«Ыар ыалдьыттар, нүһэр хоноһолор кэллибит», — диэт Байбал Боппуок уот кытыытыгар олорунан кэбистэ. М. Доҕордуурап