ж. дьааһыйыы, дьааһыйар мээри буолуу.
Русский → Якутский
зевота
Еще переводы:
сыҥааҕырдыы (Якутский → Русский)
и. д. от сыҥааҕырдаа =; элбэхтик сыҥааҕырдыы — сылайыы бэлиэтэ частая зевота — признак утомления.
туох (Якутский → Русский)
мест. 1) вопр. что (по отношению к человеку не употр.); итинэн тугу этээри гынаҕын ? что ты этим хочешь сказать? тугу аҕаллыҥ ? что ты принёс?; тугу баҕарар что угодно; тугу гыныамый ? а) что мне делать?, чем мне заняться?; б) что поделаешь, делать нечего; тугу гыныахха ? что делать?; тугу да эт что ни говори; тугу диэм баарай ! что и говорить!; что я могу сказать; тугуҥ ыалдьар ? что у тебя болит?; туохха тэһэ астараммын? и чего это я вдруг?, и зачем это я вдруг? (говорят, осуждая свой опрометчивый поступок); туохха тэһэ астараммын онно ыстаммытым буолуой ? и чего это я вдруг туда сунулся?; туох ааттааҕын өр буоллуҥ ? что ты так долго? (говорит тот, кто ждёт): туох баарынан всё, что есть; туох баарынан киниэхэ көмөлөһөр он помогает ему, чем может; туох күүһэ баарынан сүүрдэ он побежал изо всех сил; туохтан үөрэҕин ? чего ты радуешься?; до радости ли тут?; туох-туох диигин ?! что же это ты говоришь?!; как ты можешь так говорить!; туох туһугар ? ради чего?; туох харсай терять нечего; была не была; туоххунан истэҕин ? неодобр, чем ты слушаешь?; туох эрэлэй чего доброго; 2) неопр., употр. в сочет. с частицами эмэ , эрэ , да, даҕаны , ханнык : туох эрэ что-то; кини тугу эрэ кэпсиир он что-то рассказывает; ыраах туох эрэ хараарар вдали что-то чернеет; туох да (даҕаны ) ничего; ничто; кинини туох да тохтотуо суоҕа его ничто не остановит; туох да буолбатаҕын курдук как будто ничего и не случилось; как ни в чём не бывало; туох да буолтун иһин что бы ни случилось; туохха да уурбат он ни во что не ставит кого-что-л.; туохха да туһата суох ни к чему не годный; абсолютно бесполезный; мин тугум да ыалдьыбат у меня ничего не болит; туохтааҕар да күндү дороже всего, что есть (на свете); тугу да диэбит иһин что ни говори; туох эмэ что-нибудь; туохта эмэтэ аҕалыҥ дайте что-нибудь; туох ханнык а) ничего; туга ханныга биллибэт ничего определённого; б) что за...; туох ханнык дьоннорун билиэххэ надо узнать, что за люди; тугун баҕайытай неодобр, что же это такое; тугун баҕайытай , аныаха диэри утуйа сытарыҥ ! что же это такое, до сих пор спишь!; туох аатай что это, что это такое; туох аатай , тоҕо биһиги кинилэр оннуларыгар үлэлиибитий ? что это, почему мы за них работаем?; туох ааттаах что за; туох ааттаах үчүгэй уолай ! что за красивый парень!; туох баҕайытын выражает неодобрение, недоумение говорящего по поводу надоевшего явления; туох баҕайытын дьааһыйан хааллым ! и что за зевота на меня напала!; туох билиэй кто его знает, кто знает; туох билиэй , буолуо даҕаны кто его знает, может быть; туох буолуой ничего; туох буолуой , кини да бардын ээ ! ничего, пусть и он идёт!; туох үлүгэрэй выражает несогласие, возмущение говорящего: туох үлүгэрэй , биир киһиэхэ итиччэ үлэни сүктэрэллэр ! что это такое, как можно навалить на одного человека такую работу!; туох ханнык иннинэ прежде всего; кини , туох ханнык иннинэ , гөрөппүттэригэр сылдьыбыта он прежде всего навестил родных.