туохт.
1. Туох да сэбэсэбиргэлэ суох бэйэҥ илиигинэн тутанхабан, илии күүһүн туһанан тугу эмэ гын. ☉ Делать что-л. голыми руками (без каких-л. приспособлений, орудий), при помощи рук (напр., помогать при родах)
[Көстөкүүн:] Тыый! Бу дьон тылларын доҕоор, отоһут билбэтэ диэн баар дуо? Сатаныа буоллар илиилэстин ээ. Эрилик Эристиин
Түүн үөһүн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Туһа суох. Онтон ыксаан, киэҥ көҕүс кыараан, отоһут буллубут. Ол күтүр илиилэспитэ. Суорун Омоллоон. Тэҥн. илиилээ
2. 2. Охсус, сутуруккунан киирис. ☉ Драться на кулаках, нападать друг на друга с кулаками, схватываться руками
Этиһэн баран устунан илиилэстилэр. Ася «охсуһуом» диэн тылыттан сонньуйан ылар. Били эрэстэрээн киһитин кытта кырдьык да илиилэһэ сыстаҕа. «ЭК»
Якутский → Якутский
илиилэс
Якутский → Русский
илиилэс=
1) совм.-взаимн. от илиилээ = наступать друг на друга с кулаками, драться; 2) насильничать, применять физическую силу; илиилэһэн ылбыт он отобрал силой.
Еще переводы: