и. д. от илиилэе =.
Якутский → Русский
илиилэһии
илиилэс=
1) совм.-взаимн. от илиилээ = наступать друг на друга с кулаками, драться; 2) насильничать, применять физическую силу; илиилэһэн ылбыт он отобрал силой.
илиилээ=
пускать в ход руки.
Якутский → Якутский
илиилэһии
илиилэс диэнтэн хай. аата. Илиилэһии да ханна барыай?
илиилэс
туохт.
1. Туох да сэбэсэбиргэлэ суох бэйэҥ илиигинэн тутанхабан, илии күүһүн туһанан тугу эмэ гын. ☉ Делать что-л. голыми руками (без каких-л. приспособлений, орудий), при помощи рук (напр., помогать при родах)
[Көстөкүүн:] Тыый! Бу дьон тылларын доҕоор, отоһут билбэтэ диэн баар дуо? Сатаныа буоллар илиилэстин ээ. Эрилик Эристиин
Түүн үөһүн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Туһа суох. Онтон ыксаан, киэҥ көҕүс кыараан, отоһут буллубут. Ол күтүр илиилэспитэ. Суорун Омоллоон. Тэҥн. илиилээ
2. 2. Охсус, сутуруккунан киирис. ☉ Драться на кулаках, нападать друг на друга с кулаками, схватываться руками
Этиһэн баран устунан илиилэстилэр. Ася «охсуһуом» диэн тылыттан сонньуйан ылар. Били эрэстэрээн киһитин кытта кырдьык да илиилэһэ сыстаҕа. «ЭК»
илиилээ
туохт.
1. Илиитэ оҥор (хол., оонньуурга, куукулаҕа). ☉ Приделывать руки (напр., кукле). Оҕолор саҥа түспүт хаарынан сирэйдээн, харахтаан, илиилээн, атахтаан өссө хонноҕор сиппиир кыбытан, үчүгэй баҕайы киһини оҥорбуттар
2. эргэр. Дьахтар төрүүрүгэр илиигинэн көмөлөс (хол., отоһут). ☉ Пускать в ход руки, помогать руками при родах (о повитухе)
Уолланан баран, иккис уола кыратык уталыйбытын, илиилээн араарбыт. Болот Боотур
[Отоһут эмээхсин:] Оҕото туора түспүт эбит, арай көҥүллүүр буоллаххытына илиилээн көрүөм этэ. Эрилик Эристиин. Тэҥн. илиилэс 1
Еще переводы: