Якутские буквы:

Якутский → Якутский

истиэнэлии

сыһ. Истиэнэ курдук, биир кэлимник, туруору. Как стена, сомкнутым рядом, сплошной массой, плотно
Бу күөх истиэнэлии саба нөрүйэн турар тулатааҕы тыалартан халыйан кэлэр дьикти сөрүүн ыраас салгыны, дойдум салгынын, түөспүн толору ыйырбахтыыбын. Далан


Еще переводы:

эркиннээ

эркиннээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Туох эмэ эркинин оҥор, истиэнэлээ. Делать, ставить стену
Мин балаҕаммын түөрт эркиннээбитим. И. Гоголев
Көҥүһү аҕыстыы хос эркиннээн, ампаардыы охсон акылааты түһэрбиттэрэ. С. Васильев
2. көсп., поэт. Олоххо тугу эмэ түстээ, кэскиллээ. Определять что-л., закладывать основы (жизни)
Сүбэнэн сүрүннэнэн Сүҥкэн олоҕу сүрүннээ, Эйэнэн эҥэрдэһэн Эгэлгэ олоҕу эркиннээ. А. Софронов
Эдьэн Иэйэхсит илэ чахчы Эҕэрдэнэн эркиннээбитэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Элбэх ыччат дьонун Эйэлээх тыыҥҥынан эркиннээбит …… Эҕэрдэлээх эбэбит эмээхсин! Р. Баҕатаайыскай

навозохранилище

навозохранилище (Русский → Якутский)

ноһуом мунньар (дьиэ сүөһүтүн ноһуомун мунньарга аналлаах тутуу. Н. м. хотонтон 50-60 м сиргэ оҥоһуллар. Утарыта икки ааннаах 1,0-1,5 м дириннээх иин онгороллор, уу киирбэт гына модьоҕолууллар, убаҕаһы өтүппэт ис истиэнэлииллэр, итиэннэ биир эбэтэр икки анал, убаҕас кутуллар хосту-уллар.)