туохт.
1. Туох эмэ эркинин оҥор, истиэнэлээ. ☉ Делать, ставить стену
Мин балаҕаммын түөрт эркиннээбитим. И. Гоголев
Көҥүһү аҕыстыы хос эркиннээн, ампаардыы охсон акылааты түһэрбиттэрэ. С. Васильев
2. көсп., поэт. Олоххо тугу эмэ түстээ, кэскиллээ. ☉ Определять что-л., закладывать основы (жизни)
Сүбэнэн сүрүннэнэн Сүҥкэн олоҕу сүрүннээ, Эйэнэн эҥэрдэһэн Эгэлгэ олоҕу эркиннээ. А. Софронов
Эдьэн Иэйэхсит илэ чахчы Эҕэрдэнэн эркиннээбитэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Элбэх ыччат дьонун Эйэлээх тыыҥҥынан эркиннээбит …… Эҕэрдэлээх эбэбит эмээхсин! Р. Баҕатаайыскай
Якутский → Якутский
эркиннээ
Якутский → Русский
эркиннээ=
делать стену; ставить стену.
Еще переводы: