Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иччилээхтик

сыһ. Киһи ытырыктатыах; туох эрэ дьикти, кистэлэҥ күүстээхтик. С какой-то особенной, таинственной силой (от к-рой у человека волосы встают дыбом)
Суор өр буола-буола киһи этэ салаһыах, ис иһиттэн иччилээхтик хааҕырҕаан ааһара. Эрилик Эристиин
[Эһэ] олус хатаннык, олус иччилээхтик хаста эмэ часкыйда. И. Никифоров
Былыр манна куруҥ тыаҥ Кутурҕанын туойара, Иччилээхтик силлиэ тыал Энэлийэр буолара. П. Тулааһынап
Өстөөх миинэтэ иччилээхтик чускуйан кэлэн эстэн эрэрэ баарга дылыта да, Бүөтүр ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. «ХС». Тэҥн. илбистээхтик 2

иччилээх

даҕ.
1. Көстүбэт тыыннаах (абааһылаах диир кэриэтэ). Имеющий духа-хозяина
Хас сир-уот, хас үрэх, улуу тумуһахтар, таас дьааҥылар, аартыктар - бары иччилээхтэр. Саха фольк. Ааттаах иччилээх балаҕан. Амма Аччыгыйа
Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта иччилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Эрилик Эристиин
Ааһар дьон бу тиити улахан иччилээх диэн тумналлар. Н. Павлов
2. Дьикти, кистэлэҥ күүстээх. Обладающий удивительной, таинственной силой
Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов
Ол курдук үс түүн субуруччу олус иччилээх түүллэри көрөн турабын. Далан
Кириэстэн уонна Глафира иччилээх саҥатыттан дьулайда. Л. Попов
Мин иччилээх түүлү түһээтим! А. Сыромятникова
3. Иһигэр туохтаах эрэ (хол., иһит). Имеющий содержимое, с содержимым (о сосуде, мешке и т. д.)
Хата дьогдьоот сыл буолан, оҕонньор куобаҕы балачча бултаабыта, күнүн аайы сүгэһэрэ иччилээх киирэрэ. Далан
Биирдэ кинилэр иччилээх арҕаҕы булбуттар. М. Чооруоһап

Якутский → Русский

иччилээх

1) уст. имеющий хозяина, домового; 2) перен. обладающий какой-л. таинственной силой; одушевлённый; иччилээх тыл а) вещие слова; б) проникновенные слова; 3) имеющий содержимое; с... содержимым (о сосуде, мешке и т. п.); иччилээх иһит сосуд с каким-л. содержимым.


Еще переводы:

сибиэннээхтик

сибиэннээхтик (Якутский → Якутский)

иччилээхтик диэн курдук
Уҥуор хойуу тэҥкэ ойуур сибиэннээхтик им-дьим лүҥкүрэн турар. Л. Попов

урдурҕаа

урдурҕаа (Якутский → Якутский)

туохт., фольк. Күүскэ, иччилээхтик эҥсэлитэн саҥар. Говорить внушительно, таинственно, утробным голосом. Үөһээ дойду улаҕатыттан Дириҥ-дириҥник эҥсэлитэн Иччилээх дорҕоон урдурҕаатаҕа, Сөҥ куолас дуораһыйдаҕа үһү. Саха фольк.

лоһугурай

лоһугурай (Якутский → Якутский)

лоһугураа I д и эн курдук (ордук тэтимнээх)
[Этиҥ] Үрдүк халлаан өрөһөтүгэр Өрө сүүрэн лүһүгүрэйдэ, …… Добун халлааны Тоҕо сүүрэн ло һугурайда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Көрүдүөр чуумпутун арай интэринээппит сопхуоһун тоҥмут хаатыҥката лоһугурайара иччилээхтик аймыыра. Нэртэ

чуубурҕаччы

чуубурҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Сытыы, хатан тыастаахтык (тугу эмэ гын). С острым, резким свистом (делать что-л.)
Уйбаан этэ-сиинэ ис-иһиттэн күүрэн, имиллэҥнээн, сытыы хотуура иччилээхтик чуубурҕаччы тыаһаан, олуга улам сойууланан барара. В. Титов

илбистээхтик

илбистээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Имэҥирэн туран. Пылая страстью, увлеченно
Днепр арҕаа эҥэригэр Саха сирин булан Илбистээхтик сэриилэһэр Саха туйгун уола. И. Чаҕылҕан
2. Туох эрэ кистэлэҥ күүстээхтик. Таинственно, с таинственной силой, страстно
[Тайахтар] илбистээхтик буугуначчы тыыналлар, дуолан агдалара улуу уус күөтүнүү хапсыҥныыр. И. Гоголев
Икки ураа лаҥкыр муоһун Илбистээхтик илгистээт, Үөрэҕэстии оонньуоҕун Үтүө доҕор быыһаата ээт! Р. Баҕатаайыскай. Тэҥн. иччилээхтик

киһи этэ салаһыах

киһи этэ салаһыах (Якутский → Якутский)

туттул. сыһыан. холб. Этиллэр түбэлтэ киһи куттаныах, абааһы көрүөх санаатын үөскэтэр диэн бэлиэтээһини көрдөрөр. Выражает чувство испуга, неприязни говорящего по поводу содержания высказываемого (как страшно, как неприятно)
Эһэ, киһи этэ салаһыах, часкыйда. — Арай торҕоннообут суор өр буолабуола, үрдүлэринэн суксуйан иһэн, киһи этэ салаһыах, ис-иһиттэн иччилээхтик хааҕырҕаан ааһара. Эрилик Эристиин

сэттээхтик

сэттээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Иэстэбиллээх буолар гына; иччилээхтик. Так, чтоб влекло за собой возмездие; проникновенно
[Даайыс:] Сэттээхтик да дьаабыланан эрэҕит ээ. А. Софронов
Кинээс тэлгэһэтигэр баайыллан турар сүүнэ улахан үрүҥ оҕус илин атаҕынан буору хаһа-хаһа, иччитин ыҥырардыы сэттээхтик айаатаабыт үһү. И. Гоголев
Эдэр барахсан эбиккин, улаханнык, сэттээхтик саҥарыма диэн буойардыы эппит. А. Бродников

үөрбэлэс

үөрбэлэс (Якутский → Якутский)

  1. үөрбэлээ диэнтэн холб. туһ. Үлүгэрдээх өстөөхтүүн Үөрбэлэһэн баран Үрүҥ күнтэн сүтэр Үөрүүлээх этэ. А. Бродников
  2. Үөһэ диэки уһулута ойон таҕыс (хол., таас хайа чыпчааллара). Тянуться ввысь торчком, громоздясь друг на друга (напр., о вершинах каменных гор)
    Ис-искититтэн иҥиэттибиттии, Иччилээхтик иһийэҥҥит, Үрдүк таас чыпчааллар, Үөрбэлэһэ дьиппиниспиккит. К. Туйаарыскай
чаҥырҕаччы

чаҥырҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Чаҥыргыыр тыаһы таһааран, чаҥыргыыр курдук. Производя резкий металлический звук, издавая клёкот (напр., об орле). Уус тимири чаҥырҕаччы охсор
Хотой Хомпоруун Аан дойду диэки Аҥаарыччы көрөн баран, Алта төгүл чаҥырҕаччы саҥардаҕына, Аан туман арахсар. Саха нар. ыр. I
Көтөр эмиэ сүр иччилээхтик чаҥырҕаччы саҥарда. В. Титов

эҕирийилин

эҕирийилин (Якутский → Якутский)

эҕирий диэнтэн атын
туһ. [Эрчиллиини оҥорорго] илиини токурутан остуолга сыһыары түһүллэр, салгыны эҕирийиллэр, илиини көннөрөргө өрө тыыныллар. ГЕВ ТБГ
Сөтөллүү сүнньүнэн организмҥа туһалаах үгэс: сөтөлүннэххэ боруоҥхаттан уонна тыҥаттан сил, ону тэҥэ эҕирийиллибит салгыны кытта киирбит быыл тахсар. НСЕ ТСЫаКРЭ
Тохтуохча гына-гына, сир иччилээхтик түллэҥниирэ. Хайдах эрэ байҕал баала өрө сүгүллэн кэлэ-кэлэ, төттөрү эҕирийиллэрин курдук. И. Федосеев