Якутские буквы:

Якутский → Русский

иэдьэгэй

творог # иэдьэгэй курдук иирбит свернулось как творог (напр. о запутанном или беспорядочном деле); иэдьэгэй эрбэһин вид сорной травы; иэдьэгэй эриэн грязно-пёстрый (о масти коровы); иэдьэгэй эт фольк. избитое усталое тело (напр. у богатыря).

Якутский → Английский

иэдьэгэй

n. cottage cheese

Якутский → Якутский

иэдьэгэй

аат. Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас. Творог (приготовляемый из скисшегося молока)
Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ. Эрилик Эристиин
Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда. Р. Кулаковскай
Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын. С. Васильев
Иэдьэгэй мэйии фольк. - акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат. Тупица, мякинная голова
Куба буолабуола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини. П. Ойуунускай
«Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр!» - диэтэ. Р. Баҕатаайыскай. Иэдьэгэй эттээх фольк. - кэбирэх эттээх. Человек с нежным, белым, легко ранимым телом
Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. П. Ойуунускай
Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй
Иэдьэгэй уута - иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас. Жидкий отстой творога, сыворотка
Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ. П. Ойуунускай
Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар-1960. Иэдьэгэй эрбэһин - сыыс от көрүҥэ. Вид сорной травы. Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт. Иэдьэгэй эриэн - быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан). В крапинку, крапчатый (о масти коровы)
Иэдьэгэй эриэн ынах.  Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда. С. Зверев
ср. монг. эдьэгэй 'сметана'


Еще переводы:

створожиться

створожиться (Русский → Якутский)

сов. иэдьэгэй буол, иир.

творог

творог (Русский → Якутский)

сущ
(мн. ч. нет)
иэдьэгэй

створожить

створожить (Русский → Якутский)

сов. что иэдьэгэй оҥор, иирт; створожить молоко үүтү иэдьэгэй оҥор.

быдьырый

быдьырый (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Тустуспа туорах курдуктар сомоҕолоспуттарын курдук көрүҥнэн (хол., иэдьэгэй туһунан). Створаживаться, иметь зернистый вид (о молоке, твороге). Үүппүт иэдьэгэй буолан быдьырыйан тахсыбыт

сыворотка

сыворотка (Русский → Якутский)

ж. 1. (молочная) иэдьэгэй уута; 2. мед. сыворотка (хаан бөлүөҕүрүүтүгэр үөскүүр убаҕас).

сөҥ=

сөҥ= (Якутский → Русский)

1) сгущаться; былыт сөҥмүт тучи сгустились; 2) отстаиваться; үүт сөҥмүт молоко отстоялось; иэдьэгэй сөҥөн эрэр творог отцеживается.

тумалан

тумалан (Якутский → Якутский)

тумалаа диэнтэн атын
туһ. Минньигэһиэн иэдьэгэй, Тумаламмыт хойуу суорат. Р. Баҕатаайыскай
Ньукуу буруо сыта тумаланан ордук минньийэ буспут эти мотуйда. «Чолбон»

быдьыгырас

быдьыгырас (Якутский → Якутский)

даҕ. Кытаанах соҕус төгүрүктүҥү бытархай эттиктэр сомоҕолоспуттарыттан турар (хол., иэдьэгэйи, балык искэҕин эбэтэр олорго маарынныыр эттиктэри этиэххэ сөп). Зернистый (напр., о твороге, икре рыб и т. п.)
Иэдьэгэй курдук, быдьыгырас күөх былыттаах халлааҥҥа үргэл үмүөрүһэ дьиримнээтэ, араҕас сулус, сэттэ кытархай туочука буолан, тэһэ анньылынна. Л. Попов
«Өйөмү» диэн баар. Мууска киирэн баран истэххинэ, эмискэ түбэһиэххин сөп. Собо хатырыгын курдук быдьыгырас гына тоҥмут буолар. А. Сыромятникова
Бу хаппыыста (өҥнөөх хаппыыста) иэдьэгэйи тэлгэппит курдук быдьыгырас үрүҥ уонна кытаанах сүрэҕэ сибэкки модьу-таҕа атахтара симсэ үүммүттэриттэн үөскүүр. ФНС ОС

даах

даах (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Тураах саҥата. Слово, воспроизводящее крик вороны, кар-р
Тураах айаҕын муҥунан «даах!» диэри иэдьэгэйин мүччү ыһыктыбытын истэн бары күлүстүлэр. Амма Аччыгыйа
«Даах, даах!» саҥалаах Тураах муҥнаах. Эллэй

кэсээһин

кэсээһин (Якутский → Якутский)

кэһээ диэнтэн хай
аата. Саҕах сиксигэр иһит кэсээһинин курдук ордон турар ньалака былыттан хаптан ылан, [күн] өрө тардыныан сүрэҕэлдьээн, тохтоон хаалбыт курдук. Н. Босиков
Кыра-кыратык да буоллар, үүт күөс кэсээһинэ, иэдьэгэй булан сиирим. «ХС»