сущ
(мн. ч. нет)
иэдьэгэй
Русский → Якутский
творог
творог
м. иэдьзгэй.
Еще переводы:
иэдьэгэйдээ= (Якутский → Русский)
готовить, изготовлять творог.
покупной (Русский → Якутский)
прил
атыылаһыллар, бэйэ оҥоһуута буолбатах. Покупной творог. Покупные сети
иэдьэгэйдэн= (Якутский → Русский)
возвр. от иэдьэгэйдээ = приобретать или готовить творог (для себя).
иэдьэгэй (Якутский → Русский)
творог # иэдьэгэй курдук иирбит свернулось как творог (напр. о запутанном или беспорядочном деле); иэдьэгэй эрбэһин вид сорной травы; иэдьэгэй эриэн грязно-пёстрый (о масти коровы); иэдьэгэй эт фольк. избитое усталое тело (напр. у богатыря).
сөҥ= (Якутский → Русский)
1) сгущаться; былыт сөҥмүт тучи сгустились; 2) отстаиваться; үүт сөҥмүт молоко отстоялось; иэдьэгэй сөҥөн эрэр творог отцеживается.
чиҥээһин (Якутский → Якутский)
чиҥээ диэнтэн хай
аата. Бэйэтинэн чиҥээһинигэр творог уутун сороҕо эрэ ыгыллар. СЕТ ҮА
Уу сута дьыл сылларыгар кыһын муус томтойон тахсыаҕа, ол сир уутуйан чиҥээһиниттэн уу тохтообут сиригэр ыгыллан мунньустарыттан буолуо. КМП ДьБ
оҥор= (Якутский → Русский)
1) делать; ыскаабы оҥор = сделать шкаф; орон оҥор = приготовить постель; испииһэги оҥор = составить список; сири оҥор = возделать поле; саҥа оҥор = переделывать; 2) заниматься чём-л.; совершать что-л.; зарядката оҥор= сделать зарядку; бэрэбээскитэ оҥор= сделать перевязку; сыыһаны оҥор = сделать ошибку; эн тугу оҥордуҥ? что ты сделал?; 3) поступать, действовать (каким-л. образом); буруйу оҥор= совершить преступление; үтүөтэ оҥор = а) делать добро; б) делать одолжение; айыыны оҥор = грешить, совершать грех; забастовка оҥор= организовать забастовку; 4) обращать, превращать в кого-что-л.; кулут оҥор = превратить в раба; хоруо, күл оҥор = превратить в руины (букв. в уголь и пепел); 5) готовить, стряпать; үүтүнэн иэдьэгэйи оҥор = приготовить творог из молока; 6) разг. думать, полагать, считать; мин кинини сөбүлүө оҥоробун я полагаю, что он согласится # оҥоруутун оҥор = проучить.
иэдьэгэй (Якутский → Якутский)
аат. Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас. ☉ Творог (приготовляемый из скисшегося молока)
Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ. Эрилик Эристиин
Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда. Р. Кулаковскай
Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын. С. Васильев
♦ Иэдьэгэй мэйии фольк. - акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат. ☉ Тупица, мякинная голова
Куба буолабуола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини. П. Ойуунускай
«Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр!» - диэтэ. Р. Баҕатаайыскай. Иэдьэгэй эттээх фольк. - кэбирэх эттээх. ☉ Человек с нежным, белым, легко ранимым телом
Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. П. Ойуунускай
Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй
◊ Иэдьэгэй уута - иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас. ☉ Жидкий отстой творога, сыворотка
Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ. П. Ойуунускай
Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар-1960. Иэдьэгэй эрбэһин - сыыс от көрүҥэ. ☉ Вид сорной травы. Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт. Иэдьэгэй эриэн - быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан). ☉ В крапинку, крапчатый (о масти коровы)
Иэдьэгэй эриэн ынах. Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда. С. Зверев
ср. монг. эдьэгэй 'сметана'
быа (Якутский → Якутский)
аат.
1. Сиэлтэн, тэлиллибит тирииттэн о. д. а. өрөн, хатан оҥоһуллубут өтүү, эбэтэр тирииттэн тэлиллэн ылыллыбыт кур, тирбэҕэ. ☉ Свитая из лошадиной гривы веревка или кожаный ремень, шнур, тесемка
Алдьаммыт хайыһарыттан быатын ылан, бүтүнүн кыбынан баран кини [Тогойкин] тоҥуу хаары кэспитинэн барда. Амма Аччыгыйа
Ыттар уһун быаҕа, буочахха, иккилии гына тиһиллибиттэр. Н. Заболоцкай
«Кырдьык даҕаны, таһырдьа ампаарга сээкэй быа тоһоҕоһо элбэх буолуо, бул ээ онтон», — диэтэ Тоокуй. Күндэ
2. көсп. Туох эмэ (үксүгэр, куһаҕан) буолар төрүөтэ, биричиинэтэ, сылтаҕа. ☉ Причина, повод для чего-л. (преимущественно дурного)
Абам-сүттүм эбит!!! Өлөр быатыгар, Өйбүн сүүйтэрэн, Суорума соруктаммыт Сорум эбит. П. Ойуунускай
Арай оҕом уолум эдэр, Онон сөбө суох диэх этэ. Айдаан буолуох быатыгар, Ону булан эппэтэҕэ. Күннүк Уурастыырап
Дьиэлээх оҕолор онно [маарга] тиргэлииллэр эбит. Дьол быатыгар икки мороду түбэспит. И. Никифоров
тюрк. баҕ, бау
♦ Быа түспэтэх — айаас, айааһамматах. ☉ Необъезженный (о лошади)
Быа түспэтэх айаас ата наһаа ахсым буолан көлүйдэххэ муҥ тыынынан харбааччы. Эрчимэн. Сүрэхтэрин быата уһун — олус холку, ыксаабат, тиэтэйбэт, долгуйбат. ☉ Очень спокойный, уравновешенный, терпеливый
Бырайыагы киллэрбитим ыраатта. Сытар. Управляющайдар сөбүлүүллэр. Кылаабынайдар дуо? Сүрэхтэрин быата уһун дьон. «Кыым».
◊ Бас быата — тэһиинэ суох үүн (аты тутарга уонна баайарга аналлаах). ☉ Недоуздок
Оҕонньор [Сыҕаайап кинээс] үөрбүт курдук, күрүөҕэ иилиллэн турар бас быатын сулбу тардан ылан атын тутан биэрдэ. Амма Аччыгыйа
[Кулуба:] Чэ, чэ, аҕал, ат баһын быатын көрдүүбүн. Н. Неустроев. Быа балык — лапчааннара суох, чиэрбэ эбэтэр эриэн уөн курдук уһун синньигэс балык. ☉ Вьюн; минога; угорь
Ону [кыылы] көрөн баран, бу быа балык диэн быһаарбыттара. «Кыым». Быа иэдьэгэй — мөлтөх хаачыстыбалаах, сынньылыйа сылдьар иэдьэгэй. ☉ Тягучий, плохого качества творог
Ыалбыт биир ынахтаахтара саҥа төрөөбүт — уоһах алаадьыта итиэннэ быа иэдьэгэй сиэн хоннубут. И. Никифоров
Быа иэдьэгэйдээх чэй иһэ түһээт, оскуолабытыгар сырсабыт. «ХС». Быа сыарҕа түөлбэ. — атахтарын сыҥааҕар быанан туттарыы таба сыарҕата. ☉ Нарта с ременным креплением копыльев. Оҕус <муннун> быата — чурумчуга баайыллар, оҕуһу сиэтэргэ, салайарга уонна баайарга аналлаах быа, дөрө. ☉ Веревка, привязываемая к кольцу, продетому в нос вола, бычий повод
Биир оҕус муннун быатыгар сэттэ Таҥхай баһа быстыбытыгар дылы. Саха фольк. Оҕонньор төбөтүнэн умса да бардар, оҕусчаанын быатын ыһыктыбатаҕа. Н. Заболоцкай. Сис быата — ат сыарҕатын биир ураҕаһыттан атын ураҕаһыгар сэдиэккэ үрдүнэн тардыллан баайыллар быа. ☉ Чересседельник. Кыыс ымыттыбат, имигэстик туттан хомууту көннөрөр, сис быатын тардан биэрэр. А. Федоров. Сүрэх быата — сүрэх хаҥас кутуйатыттан тахсар саамай улахан, сүрүн артерия, аорта. ☉ Аорта
Тэнэко, билэбин: Сүрэҕин быатыгар Атын кыыска таптала Биһилэх буолбутун. И. Чаҕылҕан. Тимир быа — тимир боробулуоха, тимир трос, тимир сыап. ☉ Железная проволока, трос, цепь
Тиир көстөр окуопа хаспыттар Тимир быа ииччэҕин таппыттар. Күннүк Уурастыырап
Тыраахтар кырдьаҕас, баараҕай тииттэри эрийии тимир быанан холбоно-холбоно, силистэри түөрэн суулларыта тардан соһон күрүлэтэр. М. Доҕордуурап
Тимир быанан Сибээс олохтуу сыыллар, Синньигэс быа субуллар. А. Твардовскай (тылб.). Түөс быата — хомууту эпсэри тардар быа. ☉ Супонь (ремень для стягивания хомута)
Биир саха кэлэн аты тутуста, түөс быатын сүөрэн, дуганы төлөрүтэн сиргэ бырахта. Болот Боотур. Ынах быата — ынаҕы баайар сиэлтэн өрөн оҥоһуллубут быа. ☉ Веревка, свитая из конских грив
Хаҥас диэки оһох иннигэр Өксүүнньэ ынах быата хата олорор. Күндэ
Ийэлэрэ эрдэ туран Абырахтаах эргэ куулга Ынах быатынан кэлгийдэ. С. Васильев. Этэрбэс быата — этэрбэһи бэрбээкэй үрдүнэн бобо баайар икки быа (этэрбэскэ тигиллэ сылдьаллар). ☉ Ремешки для завязывания торбасов чуть выше щиколотки (обычно пришиваются к торбасам)
Онтон тохтуу түһэн этэрбэһин быата сөллүбүтүн баана оҕустаҕа. Амма Аччыгыйа
Хачыгыр көтөн түһэн дьиэ ортотугар тиийэн эрдэҕинэ, били аан аспыт уол эккирэтэн кэлэн, этэрбэһин соһуллан иһэр быатыттан үктээтэ. Эрилик Эристиин
Аана оҕотун этэрбэһин быатын сөллүбэт гына кытаанахтык баайар. Дьүөгэ Ааныстыырап