аат., эргэр., түөлбэ. Дьону, таһаҕаһы таһар улахан өрүс оҥочото. ☉ Большая лодка для перевозки людей, груза
Сайын улахан оҥочону (хойуугу) уот оттон ас буһарар состуоктаах, дьон олорор сиринэн хатырык сарайдаах, остуоллардаах, олоппостордоох, түннүктээх, бобуоскалаах оҥороллор эбит. Багдарыын Сүлбэ
Өлөксөй малын сыыһын хойуукка тиэйбиттэрэ. И. Федосеев
Кинилэр син эрдэ кэлэ сатаабыттарын үрдүнэн хойуукка дьон толору олорбуттар. И. Бочкарёв
◊ Хойуук оҥочо — хойуук диэн курдук
Биэстии-алталыы хоно-хоно, уһун хойуук оҥочолорун балыгынан толорон, бэчимэнэн тардан, бэйэлэрин үрэхтэрин өксөйөн тахсан, дьиэлэрин анныгар тохтууллара. Болот Боотур
Дьаарбаҥҥа, Буор ыларга хойуук оҥочолор лаппа хойукка, отутус сыллардаахха диэри тутуллубуттара. Багдарыын Сүлбэ
Өрүс долгунугар, Үрэх да сүүрүгэр, Хойуук да оҥочонон Холкутук туоруугун. К. Туйаарыскай
русск. каяк