прил. 1. (пенящийся) оргуйар, күүгэннирэр; кипучий поток күүгэннирэр сүүрүк; 2. перен. күүрээннээх, күүрэр, тыҥааһыннаах; развить кипучую деятельность күүрээннээх үлэни ыыт.
Русский → Якутский
кипучий
Еще переводы:
олодоһун (Якутский → Якутский)
даҕ. Айдааннаах, дьалхааннаах. ☉ Шумный, бурный, кипучий
Уораат-аараат талыыта олодоһун киһи. ПЭК ОНЛЯ I
Оннук уйгулаах остуолга Араас атастары кытта Аһыы-сии, арыгылыы, Билсэ-көрсө пиибэлии, Кэмэ суох кэскиллээх Кэрэ тылы кэпсэтэ, Орто дойду ороскуоттаах Олодоһун олоҕун умнан, Оонньуу-күлэ олорор …… Күнүгэр күндүгэ дылы буолар. А. Софронов
тигинэс (Якутский → Якутский)
I
тигинээ диэнтэн холб. туһ. Мөһөөччүгүн аһыахча буолан иһэн, чөрбөйө түстэ — олбуор таһынан элбэх киһи сырсан тигинэстэ. Е. Неймохов
Саха литературатын уруога буоллар эрэ, кылааска сүр үөрүүнэн тигинэһэн киирэрбит. «Чолбон»
II
даҕ.
1. Биир күрүс тыаһаан-ууһаан чиҥ дорҕооннонон иһиллэр. ☉ Издающий непрерывный шумгам, стойкий гул
Этиҥ этэрин быыһыгар туох эрэ тигинэс тыаһы иһиттэ. А. Сыромятникова
Тыас-уус биир кэм тигинэс. КПИ УТДь
Барыам …… «тигинэс куораттардаах», «аалыҥнас үгүс дьонноох баксааллардаах» соҕурууҥҥу итии дойдуларга. «ХС»
2. кэпс. Сэниэлээх, эрчимнээх, тэтимнээх. ☉ Энергичный, активный, кипучий
Ыччаттар тайахтарын этин сиэн, тотон-ханан, эмиэ тигинэс буола түһэн, сорохтор үрэххэ сууна, күөгүлүү киирдилэр. Е. Неймохов
Бөһүөлэккэ үлэ тигинэс. П. Аввакумов
Ас-таҥас өттүнэн дэлэччи тиийинэр, билигин бу бөһүөлэккэ биир тигинэс ыал буоллулар. Тумарча
будулҕан (Якутский → Якутский)
- аат., кэпс.
- Туох эмэ киһи тугу да кыайан көрбөтүн эбэтэр сатаан сылдьыбатын курдук өрө ытыллыыта, өрүкүйүүтэ, ытылҕана. ☉ Взвихрение или сильный наплыв, движение какой-л. массы (напр., пыли, тумана, воды и т. п.), мешающие человеку видеть окружающее или совершать какие-л. действия
Буурҕа хаары көтүтэн күдээритэр будулҕанын ортотугар биир киһи …… кинилэргэ кэлэн иһэр. Н. Якутскай
Будулҕан бөҕө буолан кэллэ, Буордаах хаар тигинии типтэ. С. Васильев
Түүҥҥү будулҕан өрүкүйэн Куорат барыгын үллүйэр, Кини үлэтиттэн дьэ кэлэр Чуҥкуйан турар дьиэтигэр. И. Чаҕылҕан
Оччоҕо, күүстээх сүүрүктээх үрэх будулҕаныгар түбэһэн баран, икки биэрэктэн биирдэригэр тиксиэхтээххин. Суорун Омоллоон - Киһи өйүн-төйүн кыайан булуммат ытылҕана, аймалҕана, быһылаана. ☉ Большая суматоха, неразбериха, в которой человеку трудно разобраться
Дьоннор охсуһуу будулҕаныгар төһө бириэмэ ааспытын олох да умнан кэбистилэр. С. Никифоров
Дьоннор будулҕаннарыгар буолан кини тылын үгүстэрэ өйдөөн да истибэтэхтэрэ. Д. Таас
Ити курдук, Тайҕа эбэ хотуҥҥа сүүрбэ үс сылы быһа олох хара будулҕаныгар ытылла сылдьан, эдэр сааспын бараан эрдэхпинэ, ыраахтааҕы уһуллубута. Эрилик Эристиин - даҕ. суолт.
- Киһи тугу да кыайан көрбөтүн эбэтэр сатаан сылдьыбатын курдук өрө ытыллар, өрүкүйэр; ытылҕаннаах (хол., силлиэни, туманы, сүүрүгү этэргэ). ☉ Густой и кружащийся вихрем или бурливый, кипучий (о вихре, тумане, течении и т. п.). Будулҕан туман. Будулҕан буурҕа. Будулҕан буруо. Будулҕан долгун. Будулҕан сүүрүк
□ Үс ыйы мэлдьи туман быыһыгар кирийэн турбут куорат, бүгүн аан маҥнай будулҕан бүрэдэһинин хастыы анньан, бэйэтин толору киэбин-таһаатын …… тэниччи тардан кэбистэ. В. Яковлев
Будулҕан буруо ортотуттан фашистар, бу барыс гына түһээт, мэлис гыналлар — буору уобаллар. С. Никифоров
Инньэ диэт күөллэри күөннэрин күллэрдэ, Өрүскэ үлүскэн сүүрүгү мөхтөрдө, Муораҕа будулҕан долгуну туруорда, Байҕалга баргыһар бааллары хамсатта! П. Тобуруокап
△ Өрүкүйэр силлиэлээх, туманнаах. ☉ С бушующей бурей, туманами (напр., о море, океане, сильных морозах и т. п.)
Кини бэйэлээх [Ый төрөөбүт ытык хайатын] Будулҕан дьыбарын Буркунугар булкуллан, Эрэһэтигэр эриллэн Иитиллибит эбит! С. Зверев
Туманнаах будулҕан тымныылаах Дьокуускай куораттан турбутум,— Сырыыттан, үлэттэн сылайан, Сынньана Кавказтаан иһэбин. Күннүк Уурастыырап
Буурҕа-тыал, хаһыыра ытаа, бар Бу тымныы будулҕан киэһэҕэ. С. Тарасов - Киһи өйүн-төйүн кыайан булуммат ытылҕаннаах, быһылааннаах. ☉ Полный большой неразберихи, бедствий, перипетий (напр., о временах войны)
Уот будулҕан дьыллартан Мин баар курдукпун, Фашизмы самнарбыт өрөгөйдөөх күммүтүгэр Мин Кыайыы былааҕын рейхстаг үрдүгэр Күөрэтэн күндээрдэ анньыспыт курдукпун. М. Ефимов