Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кирдиэхтэн

кирдиэхтээ 1 диэнтэн бэй
туһ. Сөмөлүөт хамсыыр, кирдиэхтэнэр. К. Туйаарыскай
[Сүөдэрдээх] алаас хоту халдьаайытын үрдүгэр сыарҕанан кирдиэхтэнэн тиийбиттэрэ. И. Сысолятин
[Өлбүт кус] долгунтан долгуҥҥа кирдиэхтэнэн тыал хоту устан истэ. «ХС»

кирдиэх

I
аат.
1. Быһан ойуулуурга туттуллар үс кырыылаах сытыы уһуктаах ыһыы. Трехгранный резец для гравировки
Ыҥыыр сирэйин үрүҥ көмүс лиискэ араас сахалыы ойууну түһэрэн кирдиэҕинэн эбэтэр чеканканан охсон киэргэтэллэрэ. МАП ЧУу
Кини кирдиэҕинэн арааһы барытын ойуулуон олус баҕарар. «Чолбон». [Ойуулааччылар] сүрүн инструменнара саха быһаҕа буолар уонна кирдиэх быһах. «Саха с.»
2. Кирилиэс кырыыта. Грань ступеньки крыльца, лестницы
Кирилиэс кирдиэҕэр атахпын сотуннум. — [Хобулугуҥ тыаһа] Көрүдүөр киэҥэр, Кирилиэс кирдиэҕэр Улам-улам иһиллибэт буолла. С. Данилов
II
даҕ., кэпс. Туохха да киириммэт, өһөс. Неподатливый, упрямый, неуступчивый. Кини кирдиэх, өһөс киһи. Кирдиэх киһилиин киһи кыайан үлэлээбэт
ср. орд. кердик ‘сварливый, неуживчивый, злобный, плохой, злой нрав’, бур. хердии ‘затвердевать, засыхать (о коже), упрямиться (о детях)’

Якутский → Русский

кирдиэх

неподатливый, упрямый.


Еще переводы:

кирдиэхтээ

кирдиэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Инниҥ эбэтэр инниҥ-кэнниҥ диэки эмискэ-эмискэ дьүккүҥнээ, сыҕарый. Рывками подаваться то вперед, то назад
[Долгун] Кэрэниис-кэрэниис кирдиэхтээн, Килбэйэн, дьэҥкэрэн ыллаҕа. С. Тимофеев
[Киргил] Кирдиэхтии көтөн, Кэдэкэччийэ турда. Н. Ефремов
Тааҥка иннинэн-кэннинэн кирдиэхтээн иһэн, уот кыһыл сардаҥанан дьэллэс гына түстэ. ДАЛ УуУоО
Дьигиҥнээ. Подраг ивать
Буускалар тумустара кирдиэхтиирэ. Амма Аччыгыйа
[Массыына] кирдиэхтээн хоҥунна. Н. Босиков
[Массыына] иннинэн да кэннинэн да барбат, кирдиэх-тиир эрэ. А. Кривошапкин (тылб.). Тэҥн. кириэхтээ
2. Дьүккүҥнээн кэбий (ат туһунан). Щипать траву подрагивая, рывками вытягивая шею
Аттар суол кытыытынааҕы оту кирдиэхтии, холкутук хаамсаллара. «Чолбон»
3. Быһыта баттаан, иҥнэ-иҥнэ саҥа таһаар, аах. Говорить, читать, запинаясь, прерывисто
Хотун эһитэ охсон саҥарара хайдах эрэ «аах», «оох», «ма» диэн кирдиэхтээн иһиллэр. Амма Аччыгыйа
Мин иҥнэ-иҥнэ кирдиэхтээн, бытааннык ааҕабын. «ХС»
Иҥнэ-иҥнэ бар; эрэиинэн быс. Совершаться, проистекать с задержками, заминками; резать с трудом
Кэнсиэр кирдиэхтээбэккэ түргэнник ааста. Э. Соколов
Сыппах хотуур күһүҥҥү сиппит от кытаанах төрдүгэр бөтө бэрдэриэхтии кирдиэхтээтэ. Э. Соколов

ойуу

ойуу (Якутский → Якутский)

I
ой I диэнтэн хай
аата. Бу икки ардыгар Чүөчээскини бандьыыт ситэрэ үс-түөрт эрэ ойуу хаалбыта. Суорун Омоллоон
Кини суолун саһыл суоллаан баран иһэн туора ойбут, үчүгэй ойуу буолбут. В. Иванов
Коля аҕыйах ойуунан таһырдьа баар буола түспүтэ. Эрилик Эристиин
II
аат. Туох эмэ дьиҥ көстүүтэ эбэтэр киһи өйүттэн айбыта үтүгүннэриллэн (хол., тугунан эмэ суруйан, уһанан, тигэн эҥин) оҥоһуллубута, уруһуй. Рисунок, набросок чего-л.
Оҕолор тула мустан кинигэ тас ойуутун кыҥастаһа турбуттара. Н. Якутскай
Былыр сахалар дьол-үөрүү күнүгэр муоска, маска, туоска даҕаны эгэлгэ ойууну түһэрэллэрэ. А. Сыромятникова
Быһыытын уонна ойуутун бэйэм өйбүттэн оҥорорум. ЧАИ СБМИ
Быһан ойуу — сытыы, уһуктаах тэрилинэн (хол., кирдиэҕинэн) оҥо быһан эбэтэр сиэтэн ойуулааһын. Гравировка, резьба
Быһан ойуу саха уустара симэҕи киэргэтэр сүрүн ньымалара этэ. ЗФМ ЮИЯ
ср. кирг. оюу, ног. оюв ‘орнамент, гравировка; вышивка, узор’, тур. ойа ‘отделка, бахрома’