Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кириип

грипп


Еще переводы:

ампарҕан

ампарҕан (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Дьаҥ, тумуу (үксүгэр кириип дьаҥын туһунан). Простудные заболевания; эпидемия гриппа.

ампарый

ампарый (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Дьаҥнаа, тумуулаа, кириип дьаҥынан ыарый. Заболевать простудной болезнью, гриппом
Ампарыйаммын бүгүн үлэҕэ тахсыам суох, быһыыта. КЕИ С-ВДЗ

кирииптээ

кирииптээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кириип ыарыыга ыллар. Заболеть гриппом
[Спиридонов:] Кирииптээтим быһыылаах. Суорун Омоллоон
Кини борогууллаатар эрэ, «Кирииптээн» ыалдьар идэлээх. П. Тобуруокап
Иччиҥ эйиэнэ кирииптээн, Ииҥҥэ кииртин иһиттим. Таллан Бүрэ

ыспааҥка

ыспааҥка (Якутский → Якутский)

аат. Аан бастаан Испанияҕа булуллубут, 1918 — 1919 сылларга элбэх дойдуга тарҕаммыт, киһиэхэ олус күүскэ киирэр кириип ыарыытын көрүҥэ. Описанная впервые в Испании особо тяжёлая форма гриппа, эпидемия которого охватила многие страны мира в 1918 — 1919 годах, испанка
Саха сиригэр саба сүүрбүт эпидемическай кириип — «ыспааҥка» …… элбэх дьон олоҕун хомуйан барбыта. Эрчимэн
Аҕата эмиэ эрдэлээн, эдэр киһи, сүүрбэ алта саастааҕар ыспааҥка дьаҥар хаптаран өлбүтэ. В. Яковлев
Биһиги икки ардыбытыгар элбэх кыыс да, уол да оҕолор төрөөннөр, сорохторо «маама» ыарыыга, сорохторо «ыспааҥкаҕа» быстарбыттар үһү. «ХС»

архах

архах (Якутский → Якутский)

  1. аат.
  2. Ааспат дьарҕа буолбут сөтөл. Хронический кашель
    Куоракка сороҕор, ордук күһүн, киһини архах кыайар. «ХС»
    Сааһыран истэх аайы сэриигэ ылбыт баастарбын сэргэ архаҕым көбөн, сайынын манна сынньаннахпына сэргэхсийэбин. «ХС»
    2
    көр дьарҕа. Оҕонньор: «Ээ, суох. Былыт кэлээри гынна быһыылаах, архаҕым барыта көптө», — диэн эрэ кэбиспитэ. Р. Кулаковскай
  3. даҕ.
  4. Аһаах, ыарытыган (киһи). Болезненный, немощный, слабый (человек). Архах киһи. Архах оҕо
    [Егоров] дьоҕус уҥуохтаах, кубаҕай эттээхсииннээх, архах көрүҥнээх киһи. Н.Кондаков
  5. Ааһан-араҕан биэрбэт. Хронический
    Кууһума аҕыйах хонук иһигэр аҥаара эрэ хаалла, урукку архах сэллигэ көптө, түүн аанньа утуйбат буолан сордонно. Н. Павлов
    Ыарыһах уонна архах сөтөллөөх дьоҥҥо кириип ыараханнык киирэр. «Кыым»
    Эһэм архах сөтөллөөх уонна дьүлэй этэ. «ХС»
    ср. др.-тюрк. аҕрыг ‘болезнь’